Уус Маайаҕа ойуур баһаардарын умуруорууга биэс бөртөлүөт үлэлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Маайаҕа билиҥҥи туругунан, ойуур баһаардарынан балаһыанньа уустук соҕус буолан, бэҕэһээ биэс Ми-8  бөртөлүөт уоту умуруорууга үлэлээбит. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи Авиалесоохрана салайааччыта Владимир Леонов иһитиннэрэр.

Уус Маайа оройуонугар  ойуур уотун утары үлэҕэ Авиалесоохрана улахан үлэни ыытар. Манна федеральнайтан көмөҕө бааллар. 50 киһи — Бурятияттан, 59 — Приморьеттан, 47 — Хабаровскай кыраайтан, 35 — Забайкальеттан. Бэҕэһээ эбии 30 киһи Бурятияттан, 40 киһи Чита авиабаазатыттан көмөҕө кэлбиттэр.

Ойуур уотун утары охсуһууга Уус Маайаҕа федеральнай Авиалесоохрана 261 үлэһитэ үлэлиир. Оттон уопсайа, 443 киһи ойуур баһаарын умуруорар.

Маны сэргэ, үчүгэйдик көстөр буоллаҕына, оройуоҥҥа Бе-200 сөмөлүөттэр үлэлиэхтээхтэр.

Бэҕэһээ киэһээҥҥи иһитиннэриинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ  уопсайа 251 313 га иэннээх сиринэн 63 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Итинтэн 16 — Уус Маайа оройуонугар. Маны таһынан, Алдан оройуонугар 20 көрдүгэн баара бэлиэтэнэр. Манна биир улахан баһаартан ураты, бу көрдүгэннэр кэҥээн, тэнийэн барбакка тураллара этиллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0