Уус Маайаҕа икки ойуур баһаара бохсулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ан-26 «Циклон» уонна ЯК-42Д билигин Уус Маайа оройуонугар түөрт ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьаллар. Оройуоҥҥа тиэхиньикэ уонна атын эрэгийиэннэртэн эбии күүстэр ыытылыннылар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, Уус Маайаҕа икки баһаар бохсуллубут уонна мантан киэһээ салгыы умулларыллыахтара. Нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабат. Ол гынан баран, тыаллаах, онон ол баһаары күөдьүтүөн сөп. Онон сибээстээн, оройуоҥҥа эбии күүстэр, сириэстибэлэр ыытылыннылар.
Иһитиннэриллибитинэн, оройуоҥҥа Бурятияттан авиалесоохрана 38 парашютист-десантнига тиийбит.
Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ уон оройуоҥҥа уопсайа 41 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Ааспыт хонукка алта баһаары умулларбыттар.
Билигин ойуур уотун умуруорууга уонна авиациянан ботурууллааһыҥҥа барыта 690 киһи, 35 тиэхиньикэ үлэлиир.
Бүгүҥҥү туругунан, Алдан, Уус Маайа, Томпо оройуоннарыгар бэһис, Тааттаҕа төрдүс кылаастаах ойуур баһаардара бэлиэтэнэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэн таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0