Уус Маайаҕа харах балыыһатын быраастарын биригээдэтэ үлэлээтэ

Бөлөххө киир:

Уус Маайа оройуонугар доруобуйа харыстабылын 100 сылынан сибээстээн, Киин балыыһаҕа офтальмологтар биригээдэлэрэ үлэлээтэ.

Муус устар 7 — 10 күннэригэр Дьокуускайдааҕы офтальмологическай килиниическэй балыыһа быраастара олохтоохтору көрдүлэр.  Көһө сылдьар биригээдэ Уус Маайа 40 олохтооҕун көрдүлэр уонна эпэрээссийэ оҥордулар.

Биригээдэ састаабыгар офтальмолог-быраастар  Марина Максимова уонна Иннокентий Белолюбскай итиэннэ мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр  Людмила Рожина, Екатерина Стручкова үлэлээтилэр.

edersaas.ru

Хаартыска: https://minzdrav.sakha.gov.r

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0