Уус Маайаҕа бороҥ кутаны быыһаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Уус Маайаҕа Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит бороҥ кутаны (эһир, бадараан көтөрө, цапля) быыһаабыттар.

Сэтинньи 18 күнүгэр 11 ч. 30 мүн. эргин, Уус Маайа бөһүөлэгин олохтооҕо Игорь Воронин мууска тоҥон олорор бороҥ кутаны (цапля, эһир) көрөн улаханнык соһуйбут. Ылан улуустааҕы экология иниспиэксийэтигэр илдьибит. Онно бары суһал миэрэ ылыллан, бэтэринээрийэ управлениетыгар илдьэн эмтэппиттэр.

Билигин бороҥ кутан улуус экологияҕа иниспиэксийэтин салайааччытын быстах кэмҥэ солбуйааччы Вадим Егоровка баар. Салгыы хайдах көрөр-харайар  туһунан боппуруос быһаарыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0