Үс бөлөххө арахсан, ситэриилээх былаас отчуотун бастакы күнэ Уус Алдан тоҕус нэһилиэгэр буолла.
edersaas.ru
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай салайар оробуочай бөлөҕө олохтоохтору кытта көрсөн, санааларын, толкуйдарын билистэ, кэскиллээх туруорсууларын иһиттэ.
Уус Алдан нэһилилиэктэрин туох боппуруостар долгуталларый? Тыа сирин олохтоохторо үгүс өттүгэр өртөөһүнү кытта сибээстээх боппуруостары көтөҕөөччүлэр. Бу да сырыыга оннук буолла. Сыырдаахтар өртөөһүҥҥэ көҥүл биэрэри туруорустулар.
Олохтоохтор: «Хонтуруоллаан ыытыллар өрт уота баһаар мээнэ барыытын тохтотор. Ону ааһан, үгэс буолбут өртөөһүн от үүнүүтүгэр олус өйөбүллээх«, — диэн этиилэригэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кылаабынай исписэлииһэ Владимир Сыроватскай:
— Дойду таһымыгар ити боппуруоһу быһаарса сылдьабыт. Онон ити хайысхаҕа үлэ ыытыллар, — диэн хоруйдаата.
Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо, кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин дириэктэрэ Василий Аммосов өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх социальнай тэрилтэ үлэтин сырдатан туран:
— Кэлиҥҥи сылларга хочуолунай хочуолларын уларытыы соруга турар. Онон кэлэктиибим уонна интэринээт-дьиэ олохтоохторун аатыттан бу уустук боппуруос быһаарылларыгар өйүүргүт буоллар, — диэн көрдөстө. Алексей Дьячковскай туһааннаах хайысхата буолан, бу боппуруоһу бэйэтин тус хонтуруолугар ылла. Хаһан буоларын курдук, тыа сирин олохтоохторо отчуокка тыа хаһаайыстыбаны өйөөһүн, социальнай эбийиэктэри тутуу, сибээс сайдыытыгар, суолу өрөмүөннээһиҥҥэ туһуламмыт боппуруостары көтөхтүлэр. Ситэриилээх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ ыытылла турар үлэ хаамыытыгар олоҕуран, сөптөөх хоруйу биэрдилэр.
Сылдьыбыт тоҕус нэһилиэктэригэр оробуочай бөлөх өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ыытар үлэтин «ортонон» сыаналаата. Олунньу 7-8 күннэригэр ситэриилээх былаас отчуота Уус Алдан улууһун өссө 12 нэһилиэгэр ыытыллыаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын түһэриитэ.