Уус алданнар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар кыттыылаахтарын чиэстээтилэр
Уус Алдан үөрэҕин управлениетын Олунньутааҕы мунньаҕын иитинэн, улуус дьаһалтатын аччыгый саалатыгар бу соторутааҕыта буолан ааспыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Арассыыйа учуутала-2020” куонкурус кыттыылааҕа Роман Оконовы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы “Арассыыйа иитээччитэ-2020” куонкурус кыттыылааҕа Александр Артамоновы чиэстээтилэр.
Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр биир улуустан үөрэх эйгэтиттэн икки киһи тэҥинэн кыттара хаһан даҕаны бэлиэтэммэтэх көстүү, устуоруйаҕа киирэр түгэн буоларын ыйаллар. Кыттааччылар үөрэх былаһааккатын тэрийэргэ, педагогтары көҕүлүүр инниттэн мэтэдиическэй көмөнү оҥорорго кэккэ тэрээһиннэри ыытарга этии киллэрбиттэр.
Уус Алдан улууһун баһылыга А.В. Федотов, үөрэх управлениетын начаалынньыга И.М. Тарская, Үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.А. Попова улуус үөрэҕэр кылааттарын иһин махталларын биллэрбиттэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарбыттар. Ити туһунан Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениетын инстаграмыгар суруйаллар.
Манан улуус үрдүк таһымнаах учууталлары, иитээччилэри бэлэмниирин сыаналыахха сөп. Манна даҕатан эттэххэ, иллэрээ сыл буолан ааспыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала” куонкуруска биэс бастыҥ учуутал кэккэтигэр Роман Оконовы сэргэ, Арыылаах оскуолатын (Чурапчы) физикаҕа учуутала, билигин Чурапчытааҕы АйТи паарканы салайар Иннокентий Бекянов киирбитэ. Иннокентий Иннокентьевич үөрэҕин бүтэрээт үлэтин эмиэ Суотту (Уус Алдан улууһа) оскуолатыттан саҕалаабыта. Уус алданнар ыччакка, эдэр исписэлиистэргэ үгүс болҕомтону уураллар, куонкурустарга тиһигин быспакка кытыннараллар диэн этиилэрэ оруннаах.
Быйыл Бүтүн Арассыыйа таһымнаах куонкуруска Саха сирин аатыттан кыттыбыт Роман Оконов Калмыкияттан кэлэн Суотту оскуолатыгар үлэлии сылдьар. История учууталын кытта интервьюну https://edersaas.ru/kalmyk-uchuutal-roman-okonov/ ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыаххытын сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениетын инстаграмыттан.