Олунньу 17 күнүгэр Уус Алдан Бороҕонугар «Чөмпүйүөн Куубага» национальнай многоборьеҕа турнир ыытыллыаҕа. Былырыыҥҥы «Дыгын оонньууларын» түмүгүнэн аҕыс бастыҥ бөҕөс күрэхтэһиэҕэ. Улахан бириистэри таһынан, «Дыгын оонньууларыгар» кыттарга түөрт путевка оонньонуоҕа диэн СИА суруйар.
Быйылгы турнир Уус Алдан улууһун баһылыгын бирииһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ физкультурнай хамсааһыны саҕалаабыт Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар ананан ыытыллар.
Күрэхтэһиигэ Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү улууһа), Яков Дмитриев (Кэбээйи улууһа), Николай Обоев (Ньурба улууһа), Дьулустан Ноговицын (Горнай улууһа), Айсен Семенов (Өлүөхүмэ улууһа), Артем Дьяконов (Кэбээйи улууһа), Алексей Соколов (Сунтаар улууһа) уонна Алексей Уваровскай (Кэбээйи улууһа) киирсиэхтэрэ.
Бөҕөстөр ыстаҥаҕа, тутум эргииргэ, мас тардыһыыга, оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга уонна ыараханы көтөҕүүгэ күрэхтэһиэхтэрэ.
Олегина Сергучева бэлэмнээтэ.