«Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимнэрин Бороҕоннооҕу РЭС энергетиктара 0,4-10 кВ лииньийэни өрөмүөннээн, уотунан хааччылыы чөлүгэр түһэрилиннэ. Бэҕэһээ күүстээх тыал уонна ардах түһэн, Бороҕон, Мындааба, Майаҕас, Чараҥ сэлиэнньэлэрин уотунан хааччыйар ситимнэригэр технологическай кээһэнии тахсыбыта.
Ол курдук, исписэлиистэр уот хаһаайыстыбатын барытын сыныйан көрбүттэрин түмүгэр, уот лииньийэтин уон тирэх маһа алдьаммыта уонна сууллубута билиннэ.
Бороҕоннооҕу РЭС 14 киһилээх биригээдэтэ тута чөлүгэр түһэрии үлэлэрин ыыттылар. Кинилэргэ Майатааҕы РЭС үлэһиттэрэ кэлэн көмөлөстүлэр. Онон электричество уота түүн 2:30 чааска улууска барытыгар холбонно.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1