Уус Алдан улууһугар Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга баар буолуоҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Номоххо киирбит күүстээх Майаҕатта Бэрт Хара түөрт миэтэрэлээх пааматынньыга Уус Алдан улууһугар 2022 сыл сайыныгар тэриллиэхтээх Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар ананар. Бу туһунан СИА суруйар.

Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга бэйэтин аатынан саҥа стадиоҥҥа Бороҕоҥҥо туруоруллуоҕа. Монумены Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов уонна олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн Владимир Левин, Владислав Бурцев уонна Петр Эляков оҥороллор.

Бэлиэтээн этээххэ, күүстээх киһиэхэ анаммыт биир пааматынньык Сыырдаахха Кыыс Хаан сиригэр-уотугар баар.

Эһиилги спортивнай оонньууларынан улууска элбэх эбийиэк тутуллар.

sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0