Уус Алдан улууһугар икки саҥа хочуолунай үлэҕэ киирдэ

Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа хочуолунайдары тутуу элбээтэ. Кыстык сезона төһө даҕаны бүтэрэ чугаһаабытын үрдүнэн ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр Уус Алдан улууһун Дүпсүн уонна Эһэлээх нэһилиэктэригэр саҥа хочуолунайдар үлэҕэ киирдилэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Дүпсүн. «Алдан» микро-оройуоҥҥа 7 Мвт кыамталаах хочуолунай үлэҕэ киирдэ. «Саҥа эбийиэк балыыһаны уонна духуобунас киинин итиинэн хааччыйар. Муус устарга хочуолунайга эбии оҕо саадын холбуохпут. Итини тэҥэ, быйыл чааһынай дьиэлэргэ киин ититэр ситими тиэрдэр сорук турар. Саҥа эбийиэк кыамтата микро-оройуону итиинэн толору хааччыйар кыахтаах», – диэн Дүпсүннээҕи коммунальнай хаһаайыстыба учаастагын начаалынньыга Виктор Чемезов кэпсиир.
Саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэрин олохтоохтор олус кэтэспиттэр. «Сааһыраммын оһоҕу оттору ыарырҕатабын. Кыһын Дьокуускайга оҕолорбор кыстыыбын. Сайын буолуута дойдубар төннөбүн. Бу саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэрин истэн кэлэ сылдьабын. Дьиэбин сотору кэминэн киин ититэр ситимҥэ холбууллар ини диэн эрэнэбин. Оччоҕуна кыһын манна дойдубар кыстыам этэ буоллаҕа», – диэн биэнсийэлээх, үлэ бэтэрээнэ Надежда Явловская санаатын үллэһиннэ.
Егор Афанасьев, Дүпсүн олохтооҕо, биэнсийэлээх:
– Дьиэбэр сылаас батереялар туралларыгар тиийэр күннээх эбиппин диэн сүргэм көтөҕүлүннэ аҕай. Кырдьар сааспар дьон сиэринэн сынньалаҥнык олорор киһи бэрт этэ. Сааһырдаҕым аайы ойуурга тахсан, оттук маһы бэлэмниири ыарырҕатан иһэбин.
Эһэлээх. Саҥа хочуолунайы «Эрэл» диэн ааттаабыттар. Эбийиэги Уус Алданнааҕы коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ хаһаайыстыбаннай ньыманан үлэҕэ тутан киллэрдилэр. «Саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэн, усулуобуйа лаппа тубуста. Холобур, смена бүтүүтэ үлэһиттэр сылаас уулаах душка суунан-тараанан дьиэлэригэр барар кыахтаннылар», – диэн оператор Афанасий Лыткин кэпсээтэ.
Бүгүн хочуолунай социальнай эбийиэктэри уонна чааһынай дьиэлэри итиинэн хааччыйар. Быйыл былаан быһыытынан 20-тэн тахса чааһынай дьиэ киин ититэр ситимҥэ холбонуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0