Уус Алдан улууһа: элбэх оҕолоох ыалларга — төлөпүөн

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Уус Алдан улууһугар «Смартфонна бэлэхтээ» аахсыйа ыытылла турар.

edersaas.ru

Сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн, оскуола үөрэнээччилэрэ тэйиччиттэн олорон үөрэнэллэр. Ол эрээри үгүс элбэх оҕолоох ыал суотабай төлөпүөннэрэ, ноутбуктара, көмпүүтэрдэрэ суох буолан, интэриниэти туһаныыга үгүс ыарахаттары көрсөллөр. Бу уустук балаһыанньаны өйдөөн, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар үтүө санаалаах дьон бэйэлэрин тус кыахтарынан өйөбүл оҥорон эрэллэр. Улууска биир бастакынан РФ Үлэ Дьоруойа Михаил Готовцев «Үтүө санаа» аһымал аахсыйаҕа кыттан, Байаҕантай нэһилиэгин оскуолатын 5 үөрэнээччитигэр смартфон бэлэхтээбитэ. Кини үтүө холобурун батыһан, оройуоҥҥа «Смартфонна бэлэхтээ» аахсыйа тэриллибитэ.

Улуустааҕы муниципалитет пресс-сэкирэтээрэ Люция Бурцева иһитиннэрбитинэн, улуустааҕы үөрэх тэрилтэлэрин идэлээх сойууһа 10 смартфону элбэх ыал оҕолоругар нэһилиэктэринэн түҥэппитэ.  Бороҕоҥҥо олорор Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх дьон түмсүүтэ элбэх оҕолоох Находкиннарга суотабай төлөпүөнү ылан биэрэн, олус наадалаах бэлэҕи утары ууннулар.

Иван Гоголев-Дыргыабай сыдьааннара Найахы нэһилиэгэр олорор элбэх оҕолоох ыал оҕотугар смартфон бэлэхтээтилэр.

Мүрү нэһилиэгин ыччатын түмсүүтүн чилиэннэрэ Барашковтар дьиэ кэргэҥҥэ суотабай төлөлөпүөн бэлэхтээтэ.

Ити курдук, күн бүгүҥҥэ диэри Уус Алдан улууһун үтүө санаалаах дьоно тэйиччиттэн олорон үөрэнэр элбэх оҕолоох ыалларга суотабай төлөпүөн ылан биэрэн, дьоһуннаах өйөбүлү оҥороллор.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edesaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0