Быйылгы ыччат бэстибээлигэр хоһоон ааҕыытын куонкуруһа «Литература» хайысхаҕа киирбитэ. Манна ыччат сахалыы, нууччалыы хоһооннору ааҕыыга күөн көрсүбүтэ. Хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы куонкуруһугар Уус Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолтаны 10 кылааһын үөрэнээччитэ Джесика Алексеева уонна Алдан оройуонун Аллараа Кураанах бөһүөлэгин 9 кылааһын үөрэнээччитэ Полина Пономаренко кыайыылааҕынан тахсыбыттара. Кинилэргэ бэстибээл ыалдьыта, боруобалааччы-космонафт Иван Вагнер «Восточнай” космодромҥа сылдьар сэртипикээти туттарбыта.
Бүгүн кыайыылаах Джесика Алексееваны кытта кэпсэтиини билиһиннэрэбит.
— Джесика дорообо, ситиһиигинэн эҕэрдэлиибин. Үөрэнэр оскуолаҥ, бэйэҥ тускунан билиһиннэр, куонкуруска кыттарга ким көҕүлээбитэй?
— Дорообо. Мин Дүпсүн орто оскуолатын 10 кылааһыгар туйгуннук үөрэнэбин. Учууталбыт бэстибээл бырагырааматын аҕалан көрдөрбүтүгэр, тоҕо эрэ мин литература хайысхатыгар кыттыахпын сөп эбит диэн быһаарыммытым. Сөбүлүүр бэйиэтим Иван Гоголев-Кындыл «Сахам тылынан» диэн хоһоонун эрдэ дорҕоонноохтук ааҕан баран видеоҕа устубутум баара. Бэйэбин тургутан көрөр туһуттан ол видеобын куонкуруска ыыппытым. Ити куонкуруска уопсайа сүүсчэкэ киһи кыттыбыт быһыылааҕа. Арай сотору буолан баран кыайыылаах тахсыбыппын иһитиннэрбиттэригэр наһаа соһуйбутум уонна үөрбүтүм. Ол эрээри үөрүүлээх быһыыга-майгыга ити бэлэхпин туттаралларыгар сатаан тиийбэтэҕим. Онон космонавт илиититтэн бэлэхпин кыайан ылбатаҕым. Миэхэ Благовещенскай куоракка баар «Восточнай” космодрому көрөргө сэртипикээт туттарбыттара.
— Космодрому көрө хаһан барар баҕа санаалааххыный? Космос эйгэтин төһө сэҥээрэҕин?
— Мин урут алын кылаастарга сылдьан космос, айылҕа, сир баайын туһунан интэриэһиргиир аҕай этим. Кэлин улаатан баран, аны литератураҕа ордук чугас буолан хааллым. Кинигэ ааҕарбын наһаа сөбүлүүбүн. Ордук нууччалыы, сахалыы айымньылары умсугуйан ааҕабын.
— Оскуоланы бүтэрдэххинэ ханнык үөрэххэ туттарсар баҕа санаалааххыный?
— Мин оскуоланы бүтэрдэхпинэ артыыс буолуохпун баҕарабын. Арктическай институкка туттарсыам дии саныыбын. Биһиги бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Ваня уонна Олег диэн икки быраатттаахпын. Бырааттарбын кытта “Сулусчаан” диэн айар бөлөхтөөхпүт. Бу айар бөлөхпүтүнэн бу соторутааҕыта «Дьээбэрэҥ 2022” күрэскэ кыттан гран-при үрдүк аатын ыллыбыт. Бырааттарым иккиэн Бээди нэһилиэк тоҕус кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэллэр. Тоҕо диэтэххэ, ол оскуолаҕа уус-уран айымньы куруһуога (фольклор ) баар. Бээди уонна Дүпсүн сыстыһа сытар нэһилиэктэр. Мин Дүпсүн оскуолатыгар үөрэнэбин эрээри, Бээдигэ олоробун. Маны таһынан успуордунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Ордук волейболу астынабын. “ Восточнай” космодром сэртипикээтэ болдьоҕо суох. Онон бэлэм буоллахпына, барыам дии саныыбын. Бэстибээли тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин.
— Джесика, үөрэххэр, айар үлэҕэр ситиһиини!
Ульяна ЗАХАРОВА.