Уус Алдан Балаҕаннааҕын ыччата оҕолорго анаан оонньуур былаһаакка оҥордулар

21.06.2021
Бөлөххө киир:

Үгүс нэһилиэктэргэ, ыраах сытар учаастактарга оҕо оонньуур былаһааккалара суох буолан, олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн оҕолорго анаан оонньуур, эрчиллэр сирдэри  оҥорор буоллулар.

Ол курдук, соторутааҕыта  Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгин Балаҕаннаах учаастагын эдэр ыччата оҕолорго анаан оонньуур былаһаакка оҥорон үгүс үөрүүнү бэлэхтээтилэр.

Оҕолорбут оонньуур сирдэрэ суох буолан, сайын буолла даҕаны  түбэһиэх сиргэ мустан оонньуурга күһэллэллэр. Онон биир күн  оҕолору кытары кэпсэтэн, оонньуур былаһаакканы хайдах оҥордоххо үчүгэй буолуо диэн ыйыталастым, сүбэлэстим. Бу кэпсэтии кэнниттэн  батсаапка  олохтоохтор бөлөхтөрүгэр  оҕолор оонньуур былаһааккаларын оҥоруохха диэн  этии киллэрэн суруйдум. Дьэ ол кэннэ сарсыҥҥы күнүгэр  сарсыардаттан субуотунньукка таҕыстыбыт. 

Онон бары олохтоохтор турунан, оҕолорбутугар анаан былаһаакканы күрүөлээтибит. Урут дьаһалта биэрбит хачыала,  каруселэ миэстэтэ суох буолан, оскуола таһыгар өр сыллар тухары турбутун, ону саҥа  былаһааккаҕа аҕалан олохтоотубут. Өссө Балаҕаннаахтан төрүттээх куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт оҕолорго оонньуулларыгар мээчиктэри аҕалыах буоллулар, — диэн Балаҕаннаах  ыччата Иван Иванов үтүө дьыала туһунан edersaas.ru саайтка кэпсээтэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0