Уус Алдаҥҥа уот лииньийэтин бу түүн оҥоруохтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Алдан Бороҕонугар бүгүн күнүс дохсун ардахтаах күүстээх тыал  10 кВ уонна 0,4 кВ кыамталаах лииньийэлэри быспыта.

Онон  Бороҕон, Мындааба, Чараҥ, Майаҕас уота суох хаалбыттара.  Бороҕоннооҕу уот тэрилтэтэ суһаллык үлэтин саҕалаабыта. Бу туһунан СӨ ОДьКХ-ҕа уонна энэргиэтикэҕэ миниистирэ Вячеслав Емельянов иһитиннэрдэ. Билиҥҥи туругунан 10 кВ кыамталаах уот кэллэ. Ол да буоллар, Бороҕоҥҥо икки, Майаҕаска үс лииньийэ оҥоһуллуохтаах. Бу түүн 3 чааска уотунан хааччыллыы чөлүгэр түһэрэ күүтүллэр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0