Уус Алдаҥҥа уон нэһилиэккэ күүскэ тымныйда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун уон нэһилиэгэр 45-тэн 50 кыраадыска диэри тымныйан, оскуола оҕолоро тэйиччиттэн үөрэххэ көстүлэр. Бу туһунан СИА суруйар.

Актированнай күннэр Оҕуруоттаах, Бээди, Дүпсүн, Уһун Күөл, Кэптэни, Майаҕас, Дыгдал, Эһэлээх, Балыктаах уонна Кыллаайы нэһилиэктэригэр биллэрилиннилэр.

Эһэлээххэ, Балыктаахха, Кыллаайыга -49, -50 кыраадыс буолбута бэлиэтэммит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0