Билиҥҥи кэмҥэ уолу уонна кыыһы арааран, туспа үөрэтии–иитии боппуруоһа көтөҕүллүбүт сүрүн төрүөтүнэн уол оҕо кыра сааhыттан кыыска сабырыйтаран, ис кыаҕын арыйбакка — туһаммакка улаатан, уопсастыбаҕа тус бэйэтин көрдөрбөккө хаалара буолар. Ол иһин, уол оҕо сайдар суолун тобулан, 1994 сыллаахха Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара Саха сиригэр аан бастакынан уол оҕону туспа тутан иитэр-үөрэтэр үөрэх кыһатын быhыытынан аһыллыбыта.
Уус Алдан кытыы нэһилиэктэрин оскуолаларыттан, араас улуустартан, уолаттары эрэ үөрэтэр-иитэр ураты эйгэлээх, физико-математическай хайысхалаах гимназияҕа киирбит уолаттар үөрэнэр усулуобуйаларын тэрийээри 55 миэстэлээх интэрнээт аһыллыбыта. Араас эйгэлээх дьиэ-кэргэнтэн интэрнээккэ түмсүбүт уолаттары иитэр-сайыннарар биир кэлим эйгэни тэрийии – кэлэктиип үлэтин сүрүн сыала-соруга.
Уол оҕо V кылаастан XI кылааһы бүтэриэр диэри сэттэ сыл устата интэрээккэ олорор, онон оҕо сааһын биир улахан кэрдиис кэмэ интэрнээккэ ааһар. Аныгы түһүүлээх-тахсыылаах үйэҕэ киһи, өссө ордук чуолаан уол оҕо, эр киһи, чөл туруктаах, чэгиэн доруобуйалаах буолара ирдэнэр. Доруобуйаны оҕо эрдэхтэн харыстыырга үөрэтии – иитээччи биир сүрүн үлэтэ. Бу үлэҕэ өбүгэлэрбит муспут баай уопуттарын туһанан, араас көрүҥнээх үлэни тэрийэбит:
- Эти-хааны сайыннарар өбүгэ оонньууларыгар үөрэтии;
- Кус быһый, ат бөҕө өбүгэлэрбит тустарынан сэһэргэһии;
- Сарсыардааҥы хамсаныы, эрчиллии, салгыҥҥа сүүрүү, оонньооһун;
- Ыраас, чэбэр олох үгэстэригэр иитии;
- Куһаҕан дьаллыктартан сэрэтии, туора турарга уһуйуу;
- Эти-сиини уунан хатырҕатыы.
Өбүгэ саҕаттан ыарахан олохтоох, тыыннаах буолар туһугар быыстала суох мөхсөр саха дьоно үлэттэн сатаан сынньанар, оҕону сөптөөхтүк, астыннара оонньотор ньымалары үйэлэр устата айан, мунньан кэллэхтэрэ. Саха оҕото үлэҕэ үөрэниитэ бастаан оонньуу курдук, эбэтэр улахан дьон тугу үлэлиирин үтүктүү быһыытынан барара.
Үлэттэн үөскээбит, уол оҕону үлэҕэ үөрэтэр өбүгэ оонньууларын талан, наардаан, бу үөрэх дьылыгар киирэн баран интэрнээккэ 5-8 кылаас уолаттарыгар бэртээхэй күрэхтэһии тэрийэн ыыттыбыт. Ол курдук, уолаттар хороҥ оту үрдүнэн ойууга, көтөх ынаҕы туруорууга, ойбонтон уулааһыҥҥа, ону таһынан күүһү-уоҕу тургутар күлүүстэһии, тобук тардыһыыта диэн көрүҥнэргэ илин-кэлин түсүһэн, тиритэ-хорута күрэхтэстилэр. Эрийсиилээх күрэхтэһии түмүгүнэн 5-6 кылаастарга Саша Местников, 7-8 кылаастарга Юра Михайлов бастаатылар, оттон Владик Колодезников, Афоня Попов, Вася Андросов, Виталий Черноградскай иккис-үһүс миэстэ буоллулар. Интэрнээккэ олорон гимназияны бүтэрбит выпускникпыт, «Газстроймонтаж-98» ХЭТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Максим Витальевич Гуляев бэйэтин баҕатынан бу күрэхтэһиигэ спонсордаан, кыайыылаах оҕолорго сыаналаах бэлэхтэри туттарбыта, иитиллибит интэрнээтигэр махталын туоһута буолла. Манна даҕатан эттэххэ, Максим Витальевич бэйэтин төрөппүт оҕото, гимназияҕа 5-с кылааска үөрэнэр.
Маны таһынан, сыл аайы сааскы Ньукуолун кэнниттэн интэрнээт оҕото бары Мүрү эбэ маанылаах тоҕойугар – Хараҥа төрдүгэр тахсан, самаан сайыны көрсө илии-атах оонньууларыгар күрэхтэһэллэр, өбүгэ үтүө үгэстэрин сөргүтэллэр. Өбүгэ үгэһэ саха оҕотун өйүгэр-санаатыгар, уйулҕатыгар ордук тиийимтиэ, онон уолаттарбыт түргэнник ылыналлар, сөбүлүүллэр. Ити үтүө үгэстэри билиҥҥи кэмҥэ сыһыаран, күннээҕи олоххо туттуллар өттүлэрин талан тутуһуннара, иитэ-үөрэтэ сатыыбыт. Оҕо бэйэтэ эт илиитинэн тутан-хабан оҥорбута, толорбута киниэхэ күндү, тиийимтиэ буолар, дуоһуйууну үөскэтэр, өбүгэ үгэстэрин билэргэ, сатыырга көҕүтэр. Оҕо норуотун муудараһыгар үөрэнэр, төрөөбүт норуотун култууратын, историятын билэр, өйдүүр, төрдүн-ууһун быһаарар, үтүө үлэһит буолар, дьоҕура сайдар. Онон уол оҕо сахалыы сиэргэ-туомҥа уһуйуллар суола – өбүгэлэр үгэстэрин нөҥүө иитии, үөрэтии.
Сардаана ГОРОХОВА, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын интэрнээтин иитээччитэ.