Уус Алдаҥҥа төрөөбүт тылы, төрүт култуураны сайыннарыыга форум тэрилиннэ

Ааптар: 
27.05.2017
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһугар саха тылын, литературатын уонна төрүт култууратын учууталларын бастакы сийиэһин быһаарыыларын киэҥ эйгэҕэ тиэрдэр сыаллаах «Төрөөбүт тылбыт, литературабыт уонна култуурабыт сайдарын туһугар» диэн форум буолан ааста.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Бу күн сарсыардаттан Бороҕон сэлиэнньэтигэр араадьыйанан сахалыы ырыа-тойук дьиэрэйдэ, чуор куоластаах диктордар суруйааччылар айымньыларын ааҕан иһитиннэрдилэр. Сергей Васильев аатынан библиотека уонна Кулантай аатынан литературнай мусуой үлэһиттэрэ «Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинигэр саха уус-уран литературатын, төрүт култууратын сырдатар баай ис хоһоонноох быыстапканы тэрийдилэр. 

Форум уон сиэксийэнэн үлэлээтэ. Онон тустаах учууталлар эрэ буолбакка оскуола дириэктэрдэриттэн, нэһилиэктэр баһылыктарыттан саҕалаан төрөппүттэргэ, алын сүһүөх кылаас учууталларыгар, уһуйаан иитээччилэригэр тиийэ араас идэлээх дьон бары бу дьоһун суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттаннар, санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, улууска анал бырагыраама ылынан үлэлииргэ, оскуолаларга үөрэх былаанын биэс барыйаанын талыыны туруорсарга, олоҥхо уонна ааҕыы уоруоктарын тэрийэргэ, дьиэ кэргэҥҥэ уонна уһуйааҥҥа сахалыы иитиини күүһүрдэргэ эттилэр.

Ураты болҕомто сахалыы бэчээт дьылҕатыгар уурулунна. Улуустааҕы «Мүрү саһарҕата» хаһыакка өр сылларга үлэлээбит норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иннокентий Сыроватскай салайбыт сиэксийэтигэр суруналыыстар, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр, «Юнкор» постары салайааччылар, айар холбоһуктар чилиэннэрэ түмсүбүттэр. Кинилэр күннээҕи олоҕу-дьаһаҕы чахчылаахтык сырдатар саха тыллаах хаһыаттар дьону түмэллэрин, эрэллээх аргыс, сүбэһит буолалларын ыйдылар. Өрөспүүбүлүкэ сорох салайааччылара төһө даҕаны кумааҕы хаһыат наадата ааспытын, күргүөмүнэн сайтарга көһөр туһунан этэллэрин иннигэр, тыаҕа интэриниэт мөлтөҕүн итиэннэ саха киһитин хаһыаты илдьиритэн-толкуйдаан ааҕар дьолтон матарар сатамматын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр, айар түмсүүлэр үлэлэрин күүһүрдэргэ, сахалыы бэчээккэ («Мүрү саһарҕата», «Саха сирэ», «Кэскил» хаһыаттарга, «Чолбон» сурунаалга) сурутууга нэһилиэктэринэн күрэхтэһии тэрийэргэ итиэннэ, кыаллар буоллаҕына, улууска сурунаал таһаарарга эттилэр.

— Форум бары эйгэни хабан сүрдээх киэҥник уонна тэрээһиннээхтик барда, бары бииргэ уонна ситимнээхтик үлэлээтэхпитинэ, төрөөбүт тылбытын, төрүт култуурабытын сайыннарыыга элбэҕи ситиһиэхпит диэн түмүккэ кэллибит, – диэтэ саха тылын уонна литературатын учууталларын улуустааҕы методическай холбоһугун салайааччы, «Уолан» гимназия дириэктэрин научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы,  филологическай наука кандидата Наталья Бурцева.

Раиса СИБИРЯКОВА,  «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаларга:  1.Форум кыттыылаахтара. 2. Дьоһун тэрээһин оһуокайынан түмүктэннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0