Уус Алдаҥҥа Майа — Бороҕон уот ситимин өрөмүөнүн кэмигэр уот арахсыыта тахсыан сөп

Бөлөххө киир:

Олунньу 4 күнэ үүнэр түүнүгэр (03:46 чааска) Майа — Бороҕон 110 КВ уот ситимигэр саахал тахсан, Уус Алдан улууһун үрдүнэн электроэнергия уота араҕыста.

Тута Уус Алдан улууһун дьаһалтатыгар суһал мунньах ыытылынна. Улуус хочуолунайдара 30 мүнүүтэ иһигэр ититиинэн хааччыйар сыалтан саппаас источниктарын холбоотулар.
04:55 чааска Бороҕоннооҕу РЭС көһө сылдьар  автоматизированнай электростанциятын холбоотулар. Сарсыарда 05:33 чаастан нэһилиэнньэлээх пууннарга уоту холбоон эрэллэр.

05:30 чааска улуус баһылыга  Федотов А.В.бэрэссэдээтэллээх ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕа ыытылынна. Социальнай эбийиэктэринэн эппиэттээх үлэһиттэр ананнылар, дьуһуурустуба олохтонно.

«Майа — Бороҕон» уот ситимин өрөмүөнүн кэмигэр уот арахсыыта тахсыан сөп диэн улуус дьаһалтата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0