Уус Алдаҥҥа харах балыыһатын филиала тэриллиэҕэ

Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун киин балыыһатын баазатыгар, Илин Эҥээргэ офтальмологическай балыыһа бастакы филиала тэриллиэҕэ. Иһитиннэрбиттэринэн, кэлэр сыл тохсунньутуттан үлэтин саҕалыахтаах.

Улуус киин балыыһатын сүрүн бырааһа Анна Петрова:

Балыыһабытыгар катарактаны эмтиир үрдүк технологиялаах харах эпэрээссийэлэрэ оҥоһуллар буолуохтара. Эпэрээссийэлэри Дьокуускай үрдүкү кылаастаах быраастара кэлэн оҥоруохтара.  Онон улуус олохтоохторо дойдуларыттан ырааппакка, харах бырааһын көмөтүн ылыахтара. Эпэрээссийэҕэ сурутууну улуус офтальмолог-бырааһа оҥоруоҕа. Олунньу бүтүүтэ маҥнайгы эпэрээссийэлэр оҥоһуллуохтарын сөп, – диэн иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0