Урут култуура эйгэтигэр үлэлээбит, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк сэбиэтин депутата Егор Афанасьев СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов тылын-өһүн истээри, санаатын тиэрдээри көрсүһүүгэ анаан кэлбит.
«Олохтоохтор уута суох сиргэ олорор буолан, үйэбит тухары эрэйи көрөбүт. Биһиги Хаачыдыма күөлтэн буолбакка, Алдан өрүстэн уу ситимэ кэлэрин туруорсабыт. Уу ситимин тутуу 2010 сыллаахха бүппүтэ эрээри, мыраан үрдүгэр ууну кыайан бырахпакка турар. Онон ууну күөлтэн буолбакка, өрүстэн бырахтарар ордук буолуо этэ диэн этэбит.
Күөл уста сылдьар кута. Икки миэтэрэ дириҥнээх уу, быһаҕаһа бадараан. Инньэ гынан, турба бадараанынан туолан үөһээҥҥи мунньар сиригэр ууну кыайан бырахпатаҕа. Оттон өрүс уута ырааһа чахчы. Ырааҕа өрүстэн 35 килэмиэтир. Онон эбии турбаны булуу боппуруоһа турар», — диэн санаатын этэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1