Уулаах Ааҥҥа саҥа амбулатория тутуллар буолла

Бөлөххө киир:

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэ биэс улууһа – Эбээн Бытантай, Муома, Аллайыаха, Эдьигээн уонна Орто Халыма ковиды утары быһыыны ыларга бастакынан үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитин иһин, улуустарыгар доруобуйа харыстабылын сайыннарарга биирдии мөлүйүөн солкуобайы ылбыттара.

edersaas.ru

Аны Хаҥалас улууһун Уулаах Аан сэлиэнньэтигэр ковиды утары быһыыны ылыыга үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрин иһин быраас амбулаторията тутуллар буолла. Былырыыҥҥы биэрэпис барыллаан көрдөрүүтүнэн, 1037 нэһилиэнньэлээх сэлиэнньэҕэ улахан дьон 80-тан тахса бырыһыана быһыыны ылбыта. «Доруобуйа харыстабылын бу эбийиэгэ  2022 сылга  доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардан биэрии бырагырааматын чэрчитинэн тутуллар”, — диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр быһаардылар.

“Саҥа  амбулатория аһылыннаҕына, мэдиссиинискэй көмө, ыарыыны сэрэтэргэ аналлаах уонна диспансернай чинчийиилэр табыгастаах усулуобуйаҕа  ыытыллыахтара. Ону таһынан биэлсэр быраас кэлиэн иннинээҕи суһал көмөнү оҥоруоҕа, оҕо күүтэр, төрүүр дьахталларга уонна оҕолорго патронажка сылдьыаҕа”, — диэн министиэристибэҕэ быһаардылар.

Уулаах Аан баһылыга  Егор Васильевич Исаков биһиэхэ иһитиннэрбитинэн, урукку сопхуос икки кыбартыыраалаах дьиэтин амбулатория гынан олороллор.

“Амбулаториябыт дьиэтэ  2019 сыллаахха саахалланар кутталлааҕынан биллэриллибитэ. Онон, саҥа балыыһаны туруорсубуппут ыраатта. Былырыын тутуллуох курдук буолан иһэн табыллыбатаҕа. Онтон былырыын ковидтан быһыыны ылыыга үчүгэй көрдөрүүбүт иһин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Ольга Валерьевна Балабкина биһирэбил быһыытынан тутан биэриэххэ диэн, быйыл “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыакка киллэрдилэр. Онно үп-харчы көрүлүннэ, билиҥҥитэ  хамсааһын бара илик. “Модульнай буолан түргэнник тутуллуо”, — дииллэр. Онон, этэҥҥэ буоллаҕына, быйыл күһүөрү-кыһын балыыһаланан хаалыахпыт диэн үөрэ сылдьабыт. Билигин тэхиньиичэскэй сорудаҕа сөбүлэһиигэ сылдьар, ол бүттэҕинэ тендер биллэриллиэхтээх уонна үлэ саҕаланыахтаах», — диэн Егор Васильевич үөрүүтүн үллэһиннэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0