-
Саха киһитин мындыр толкуйа, уус тарбаҕа талах олоппостон саҕалаан олорор дьиэтигэр тиийэ көстөр. Кини ордук мындырдаан, тобуллаҕас өйүн-санаатын туһанан бултуур тэриллэрин кытта оҥостор эбит. Холобур, айаны, сохсону, тууну, илими, муҥханы. Кини куруук судургу уонна туттарга табыгастаах тэриллэри оҥостон олоҕун дьаһаҕын чэпчэтэргэ мэлдьи дьулуһара.
-
Оттон аныгы үйэҕэ бултуур тэрили судургутутуу, бэйэҕэ сөптөөх гына оҥостуу син биир киһи бэйэтин тус мындыр толкуйуттан тутулуктаах. Таатта улууһун Уолба нэһилиэгэр олорор Михаил Боппосов удьуор уус. Сыл ахсын балбаахтан сыл символларын оҥорон, нэһилиэгин эрэ дьонун буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин сэргэхситэр. Кини оҥоһуктара социальнай ситимнэринэн тарҕанан, улуустарга ынах ноһуомуттан араас оҥоһуктары оҥорор дьон элбээн эрэллэр. Аөы быйыл саас уус киһи сааскы куска дурда оҥорон булчуттары үөртэ.
-
Эрэһиинэ тыыга араама тутан, ууга устар дурда оҥостубута бары өттүнэн табыгастаах. Ууга устар маннык дурдаттан ыппыт кускун аа-дьуо устан киирэн ылыаххын сөп. Хас сыл аайы дурданы өрөмүөннээн, саҥардан эрэйдэммэккэ, эрэһиинэ тыыны үрдэрээт, оҥоһук арааманы туруорар уустуга суох.
-
Бу туһунан Михаил Боппосов маннык кэпсээтэ:
-
Саха киһитэ барыта уһун кыһын устата сааскы кус кэмин догуйа кэтэһэр. Саас дурданы оҥостуу, булка бэлэмнэнии сүпсүлгэнэ кыра-кыралаан саҕаланар. Биир миэстэлээх эрэһиинэ тыыбар дурда оҥостор толкуй миэхэ сааһыары кыһын киирбитэ. Бурдук хамбаайынын жаткатыгар олорор родворщик ньаалбаанын кыратык токурутан тыыбар туттаран арааманы онно олордорго быһаарыммытым. Эрэһиинэ тыыбар, ньаалбаан аалбатын диэн, фанеранан холбообутум. Онтон ии буолар пластмасс турбаны уһаты эрбээн (сигма диэн уу ыстарар тэрил киэнин) саморез тоһоҕонон туттарбытым. Холбуурга быанан туттараҕын.Олорор олбох эмиэ фанераттан оҥоһуллар. Өйөнөрө хамсыыра ордук. Оччоҕо сытарга, олорорго үчүгэй. Бу араама үрдүнэн икки өттүнэн хомуллар остуоллаах. Биир өттүгэр ботуруон, тиэрмэс, өйүө угар миэстэлээх. Кыараҕас да соҕус буоллар, соҕотох киһиэхэ үчүгэй. Ырбыыга, көһө сылдьарга массыынаҕа тиэйэргэ ордук дии санаатым. Оттон тугунан бүрүйэн, төһө хаттыгастыырыҥ бэйэҕиттэн тутулуктаах. Бүрүөһүнүн ардах тэстибэт гына табан оҥостуохха наада. Маннык дурданы улахан тыыга хайдах баҕарар оҥоруохха сөп.
-
Ульяна ЗАХАРОВА