Ууһуттар оҕолорго «Дьол хараабылын» бэлэхтээтилэр

Бөлөххө киир:

Оҕо көмүскэлин күнүн чэрчитинэн, «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо Дьокуускай куорат Пригороднай уокуругун оҕолоругар «Дьол хараабылын» бэлэхтээтэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» кырдьаҕас круизнай теплохода «Михаил Светлов» сыл ахсын аһымал акциянан навигациятын саҕалыыра үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, «Дьол хараабыла» бырайыак быйыл сэттис сылын ыытыллан,  200-кэ оҕо Өлүөнэ эбэ устун күүлэйдээтэ.

Ууһуттар оҕолорго умнуллубат, ураты күнү бэлэхтээтилэр. «Михаил Светлов» «күннээх» палубатыгар ыллаан, үҥкүүлээн, оонньоон, дуоһуйа сынньаннылар. Пароходство генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Мякишев: «Оҕолор ууһуттар үлэлэрин көрдүлэр-иһиттилэр. Кинилэртэн, баҕар, сорохторо инникитин уу тырааныспарын идэтин талыахтара. Маннык тэрээһини сыл ахсын ыытабыт. Былырыын 170-тан тахса оҕо кыттыбыта», – диэн кэпсээтэ.

Түгэнинэн туһанан, СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Александр Михеев пароходство генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионовка махталын тириэртэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0