Уу суолунан бастакы теплоход сырытта

Бөлөххө киир:

«Леонид Соколов» диэн теплоход экипаһа Дьокуускайга 2,5 тыһыынча туонна маһы тиэйэн аҕалла. Онон бу сылга уу суола аһылынна. 

Бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр, Дьокуускай өрүһүн пуордугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Витим-лес» хампаанньа теплоходун көрүстүлэр.  Бу теплоход Иркутскай уобалас Давыдово бөһүөлэгиттэн айаннаабыт. Бэлиэтээн эттэххэ, экипаж уустук усулуобуйаҕа өрүс мууһун кэнниттэн айаннаан кэлбит.

Бу тэрээһиҥҥэ тимир суол уонна уу тырааныспарын департаменын салайааччы Семен Коркин сырытта:

— Уу суола кыралаан арыллан, сырыы баар буолан эрэр.  Өлүөхүмэҕэ диэри суудуналар номнуо сылдьаллар. Бүгүн Дьокуускайга диэри уу суола арыллыытын тэрээһинэ буолла. Онно бүгүн бастакы бастакы суудуна экипаһын көрсөбүт, — диэн эттэ.

Семен Коркин этэринэн, Бүлүү өрүскэ навигация быйыл эмиэ эрдэ арыллыбыт.

— Билигин көхтөөхтүк Бүлүү өрүһүнэн үлэлэһэбит, тоҕо диэтэххэ уу элбэҕэ суох. Бэс ыйын 10 күнүгэр диэри Бүлүүгэ таһаҕас тиэйиллиэхтээх. Былырыын Бүлүү өрүс суолунан үлэ сүүрбэ хонук устата ыытыллыбыт буоллаҕына, быйыл уон хонукка тэҥнэстэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн навигацияҕа уопсайа 900 суудуналаах тиэхиньикэ  бэлэмнэннэ.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0