Уу суолун үлэтигэр халлаан туруга мэһэйдиир

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өлүөнэ өрүс устун уу суолунан от ыйын 28 күнүнээҕи туругунан 175 бааржа үлэлиир.

Уунан таһаҕас тиэйиитэ саҕаланыаҕыттан 624,3 тыһыынча туонна таһаҕас, 175,6 тыһыынча туонна убаҕас оттук уонна 448,7 тыһыынча туонна кытаанах таһаҕас тиэйилиннэ.

Өлүөнэ өрүс үөһээ баһыгар уу кэлэн эрэр. Онон үлэ тэтимирдэ. Онтон кылгастык холобурдаатахха, Осетровоҕа Өлүөхүмэ Солянкатыгар уонна Кириэскэ  тиийиэхтээх улахан кээмэйдээх турбалары таһаллар.

Маны таһынан,  Өлүөхүмэҕэ Арктикаҕа барыахтаах убаҕас оттук тиэйиллэр. Кэбээйи Сангаарыгар Хаандыгаҕа тиийиэхтээх таас чох куруустанан, айаҥҥа хоҥноору турар.  Халыматтан Яна өрүскэ  «Капитан Богатырев» уонна  «Капитан Слобожанин» түстүлэр. Индигир өрүскэ «Ленанефть-2064» бааржа халлаан туруга уларыйарын кэтэһэр.

Онон Арктика уонна хоту улуустарга уунан сырыы үлэтэ тэтимириэ эбит да, күн-дьыл усулуобуйата мэһэйдиир.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0