Уу саппыт урукку сылларын санаатахха

Ааптар: 
11.01.2021
Бөлөххө киир:

2021 сыл, тохсунньу 9 күнүгэр  төрөөбүтэ 110 сыла туолбут бастакы учууталым Седалищев С.И. туhунан

 

Жёлудь

1967 сыл. Детсадтан, тутуспутунан, уонтан тахса буолан, күhүн оскуолаҕа маҥнайгы кылааска бардыбыт. Пиэрибэй “а”-ны Түмэппий Уйбаанабыс Петров диэн улаханнык ытыктанар, уопуттаах учуутал үѳрэтэр. Миигин “а”-ҕа биэрээри гыммыттарын, буолуммакка, “б”-га бардым. Тоҕо диэтэххэ, “б” – Ыстаппаан Ылдьыыс Седалищев кылааhа.

Степан Ильич – сэрии бэтэрээнэ, хатыҥыр, орто уҥуохтаах, өрүкүйбүт, кыырыктыйан эрэр куударалаах баттахтаах, сырдык, эйэҕэс харахтаах, сааһыран эрэр нуучча киһитэ этэ. Баҕар, уруок кэмигэр сэрии туhунан кэпсиэҕэ диэммин, “б” — га киирдим. Анараа кылаастар отут биэстэр, биhиги отут алтабыт.

Учууталбыт уруоктарыгар көрдөрөн үөрэтэр ньыманы туттара. Биирдэ, нуучча тылын уруогар, Степан Ильич элиэ ойуулаах хартыынаны кѳрдѳрдѳ: “Это кто?”.

Киччэччи кырыйтарбыт төбөлөөх, чаччырҕа Олег Степанов бастакынан илиитин уунна. Алтэ-сэттэ оҕо кини кэнниттэн ууннулар. Учуутал Олегтан  ыйыппытыгар уолбут: “Беркут!” – диэн саайда.

“Молодец, хорошее слово. Но это не беркут. Беркут – разновидность орла”, – учууталбыт быhаарда, мичээрдээтэ. Олегы олорто.

Балерина курдук кѳнѳтүк туттан олорор Лиза Николаева кэмчиэрийбиттии, сэрэнэн илиитин кѳтѳхтѳ. Учуутал ыйыппытыгар: “Коршун”, – диэн симиктик хоруйдаата.

“Правильно!” – учууталбыт үѳрдэ, элиэ ойуулаах хартыынаны остуолугар уурда.

“Коршун диэн куорсун буолбатах дуо?”  – киэҥ, хара харахтаах Володя Спиридонов дьиктиргээн эбии бүлтээриччи кѳрдѳ.

“Нет, куорсун – это перо”, – Степан Ильич быhаарда. Онтон дууп туорааҕа ойууламмыт хартыынатын таhааран: “Это что?” – диэн ыйытта. Бастакынан ууннум. Степан Ильич “чэ, эт эрэ» диэбиттии, уҥа ытыhын нэлэтэн мин диэки уунна.

Паартам хаппаҕын арыйан “лап” гыннараат, ойон турдум уонна доргуттум: “Жёлудь!”

“Ореха дии!” — мааны, киһи эрэ таптыан курдук мытырыйбыт Лана Степанова ылыммата, маҥан баанчыгын кэннин диэки илгэн кэбистэ.

“Нет, это жёлудь, растёт на дубе”, — учууталбыт налыччы эттэ, онтон, тохтуу түһэн баран: “Айах диэн нууччалыы туох дэнэрий?” — диэн аны сахалыы ыйытта.

“Оруот!” “Уруот!” “Рот!” Бары күйгүөрдүбүт. Арай, Куоччук Халанников эрэ, хаһан да истибэтэх “пасть” диэн тылбытын эттэ.

“Коля, молодчина! Такое слово знаешь! “Пасть” бывает у зверей, у человека – рот”, — учууталбыт үөрдэ.

Ити уруоктан ыла хас эмэ уонунан сыллар аастылар. Мин дууп туорааҕын нууччалыытын таба эппиппин өйдөөн хаалбыппын. Кылааспытыттан Коля Халанников, Шура Иванова, Роза Габышева нууччалыы элбэх тылы билэр буолан, Степан Ильичтэн хайҕанар этилэр.

Уруок кэмигэр эбэтэр переменаҕа Степан Ильичтэн сэрии туһунан биирдэ эмэ ыйыттахха, атыҥҥа аралдьытара. Сэрии диэн ынырык диирэ. Онон учууталбыт сэрии туһунан биирдэ да кэпсээбэтэҕэ.

Килиэп сыта

Илья Гаврильевич Седалищевы олохтоохтор Үллүүскэ (Ильюшка) диэн ааттыыллара. Степан, ыал улахан оҕотун быһыытынан ийэтигэр дьиэ үлэтигэр барытыгар илии-атах буола улааппыт. Ийэтэ килиэп астыырыгар мэлдьи көмөлөһөрө.

Урут, бэкээринэ суоҕар, ыал үксэ лэппиэскэлэнэр эбит. Оттон Седалищевтар килиэп астаналлар эбит.

Ол туһунан күтүөтүм Семен Аржаков: “Килиэп сыта лэппиэскэ сытыттан букатын атын буолара. Кыра эрдэхпинэ, Үллүүскэлэр аттыларынан ааһан истэхпинэ, килиэп сыта саба биэрээччи. Нуучча буолан, кинилэр килиэп астанааччылар. Оо, ол килиэп сыта минньигэс да буолар этэ!

Онтон бэкээринэ тутуллубута. Ол саҕана, хаччы суох, холкуостаахтар дохуот диэн ааттаан, бородууктанан аахсаллара. Бэкээринэ килиэбин сулууспалаахтар, учууталлар, быраастар, тойоттор эрэ атыылаһаллара. Килиэптээх ыалга, лэппиэскэнэн олорооччулар,  ымсыырар буоларбыт”, — диэн ахтара.

Оннук этэ. Ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар диэри Маалыкай элбэх ыалыгар суоруналара  баар этэ. Сорох ыаллар уһаайбаларыгар бурдук үүннэрэллэрэ. 70-устартан, сопхуос тэриллэн, атаҕар туруоҕуттан, килиэп дэлэйбитэ, ыал аайы баар бастыҥ ас буолбута. Суоруналар ыаллар ампаардарыгар, хочуоҥкаларыгар тахсан син өр турбуттара. Онтон улам, туттуллубат буолан, быраҕыллыбыттара, тиэргэҥҥэ сытан, сорох ыал суоруната, сиргэ тимирдьи киирэн, мэлийбиттэрэ.

Үллүүскэлэр килиэптэрин билигин да 1-ы Бордоҥ кырдьаҕастара саныыллар, уос номоҕо оҥостоллор.

Хайыһардьыт, музыкант

Ийэтэ баачыка кыыһа буолан, таҥараһыт этэ. Оттон аҕалара бэйэтин кэмигэр сайдыылаах санаалаах, прогрессивнай киһи этэ. Онон уолаттара бары учуутал буолбуттарыттан үөрэрэ.

Кыратыгар Стёпа Маалыкайдааҕы Сибэтиэй Иннокентий таҥаратын дьиэтин церковно-приходской оскуолатын бүтэрбитэ. Үөрэх улуу күүс буоларыгар бигэтик эрэнэн, Илья Гаврильевич кыргыттарын Любаны, Марияны эмиэ  үөрэттэрбитэ.

Степан ЦПШ кэнниттэн Ньурба Куочайын сэттэ кылаастаах  сэкэйиэм оскуолатын  (ШКМ – школа колхозной молодёжи) бүтэрбитэ. Онтон  Дьокуускайга баран, ЯДТ (Якутский дорожный техникум), араас куурустарга үөрэммитэ.

Горнай Солоҕонугар Седалищев Сыыра диэн баар. Ити биһиги бастакы учууталбыт Степан Ильич араспаанньатынан ааттаммыт сыыр. Кини онно учууталлыы сылдьыбыт, онно кэргэннэммит (хомойуох иһин, икки кыыстаммыттарын кэннэ, кэргэнэ эдэригэр өлбүт). Эдэр учуутал мыраан сыырыгар үөһэ ыттан баран, сүрдээх түргэнник халыһытан, аллара элээрэн түһэрин таптыыр эбит. Хаар күдэригин быыһынан, икки имэ тэтэрэн, хойуу хаастара кырыаран, учууталлара үрдүк хайаттан сырылаан түһэрин оҕолор сөҕө, киэн тутта көрөллөр эбит. Ол иһин, таптаан хатааһылаабыт сыырын кини аатынан ааттаабыттар.

Нэһилиэк олоҕор эдэр күтүөттэрэ актыыбынайдык кыттара. Кэнсиэртэргэ, испэктээккэ (оччолорго ону “оонньуу” дииллэрэ) кыттара. Балалаайкаҕа бэркэ оонньуура. Истибит ырыатын тута балалаайкаҕа таһаарар дьоҕурдааҕа. Баритон куолаһынан ис киирбэхтик ыллыыра. Солоҕоҥҥо үлэлиир кэмигэр оскуола оҕолорун хайыһарга эрчийбитин, балалаайкаҕа оонньуурга уһуйбутун билигин оннооҕу кырдьаҕастар махтана ахталлар.

Степан Ильич икки бырааттара эмиэ учуутал этилэр. Сэрии иккис сылыгар, сайын, бэс ыйын бүтүүтэ, бырааттыы Седалищевтар бары бэбиэскэ туппуттара.

Степан орто быраата Николайдыын Маалыкайга, кыралара Виталий Хатыыга учууталыы сылдьар эдэр дьон, уоппускаларыгар оттуур, балыктыыр, күүрээннээх үлэнэн кыайыыны чугаһатар былааннара хаалан, саа-саадах тутан, кырыыстаах фашистыын кыргыһа, сэрэппэккэ сэриинэн киирбит өстөөхтүүн сэриилэһэ барар буолбуттара.

Мама, мы вернёмся!

Уолаттара бары сэриигэр барар буолбуттарыттан дьоно аймаммыттара. Ордук Лидия Николаевна иэдэйбитэ. Ийэтин уоскутаары Степан: “Мама, мы все вернёмся! Вот увидишь. Разобьём врага и я тебе невестку с собой привезу, немку. Вот постоянно твердишь же, чтоб снова женился, перестал вдовцом вековать”, — диэбитэ. Уолаттар бары кыайыы көтөллөнөн эргиллэн кэлэллэригэр саарбахтаабаттар этэ.

Маалыкайтан элбэх буолан ыҥырыллыбыт этилэр. Хомуллан, баарсанан оройуон киинигэр, Ньурбаҕа, киирбиттэрэ. Аймах-билэ дьонноро Аппа кытылыгар далбаатаһа, ытаһа хаалбыттара…

Ньурбаттан призывниктары борокуотунан Дьокуускайга илдьибиттэрэ. Аара, тохтоон, биэрэктэн саһаан тиэнэллэрэ. Күнүстэри күллүргэтэн, түүннэри түллүргэтэн, төрдүс күннэригэр Даркылаахха кэлбиттэрэ. Салгыы барар бириэмэлэрин болдьоон баран, биэрэккэ таһаартаабыттара.

Седалищевтар Киллэмҥэ олорор эдьиийдэригэр (аҕаларын балтыгар) Антонина Гаврильевнаҕа барбыттара. Эдьиийдэрэ Антонина бырааттара уоттаах кыргыс толоонугар баран эрэллэриттэн олус долгуйбута, уйадыйбыта. Сотору-сотору хараҕа ууланан кэлэрэ, ытыыра. Кыра уол Виталий, эдьиийин уоскутаары: “Сэриигэ барбыт барыта өлбөт. Былырыын барбыттартан сорохторо баас ылан, төннөн кэлбиттэрэ. Кыайыахпыт, эргиллиэхпит. Хайа, уонна, бачча улахан киһи хоруопка сытарым сүрдээх буолуо ээ”, — диэн эппитэ.

Виталий Ильич Украинаҕа, Харьковскай уобаласка, сэрии толоонугар геройдуу охтубута…

Орто уол, Николай Ильич: “Эдьиэй, чэ, аһара айманыма. Булан-талан сылдьыллыа буоллаҕа дии”, — диэбитэ.

1943 с., олунньуга, Николай Седалищев сураҕа суох сүппүтүн туһунан “хара сурук” ийэлээх аҕатыгар кэлбитэ… Кэлин  аймахтара Николай Ильич Седалищев Волгоград уобалаһыгар көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүтүн билбиттэрэ…

Степан Ильич, эдэр, огдообо киһи, эдьиийигэр Антонина Гаврильевнаҕа: “Сотору кыайыахпыт. Кыһыл Армияны хотор күүс суох! Хата, немка кыыһы ойох ылан кэлиллиэ”, — диэн, ийэтигэр эппитин курдук эппитэ. Оннук да буолбута.

Сэриигэ баран иһэн

Боруоҥҥа барааччылар Уус-Куукка диэри эмиэ борокуотунан устубуттара. Аараттан, Арҕаа Хаҥаластан, Өлүөхүмэттэн сэриигэ барааччылары эбии ылан, борокуоттара ыгыччы туолбута.

Бырааттыы Седалищевтар бииргэ тутуһан айаннаабыттара. Нуучча уолаттарын кытта нууччалыы, саха дьонун кытта сахалыы кэпсэтэллэрэ. Тоҥ нуучча көрүҥнээх уолаттар сахалыы олус ыраастык, ньурбалыы саҥаралларын сахалар сөҕө истэллэрэ, хайгыыллара.

Айаннаан иһэн, биир киһи ууга түспүтэ. “Человек за бортом!” — хаһыы-ыһыы дуорайбыта. Аал бытаарбыта. Ини-бии учуутал уолаттар бары ууга ыстаммыттара. Кэннилэриттэн өссө хас да ууһут уолаттар “бар” гына түһүтэлээбиттэрэ. Ууга түспүт сордооҕу  палубаҕа таһааралларыгар хайы-үйэ тыыммат буолбут этэ…

Киһилии харайаары, хоруоп оҥороору гыммыттарын борокуот хаппытаана утарбыта. Боруоҥҥа баран иһээччилэр бары туруорсан, суудуна кытылга тиксибитэ. Сэриигэ тиийбэккэ эрэ суорума суолламмыт эдэркээн уолу тыа быыһыгар көмпүттэрэ…

Салгыы устан испиттэрэ. Онтон, кыраттан да сылтаан, охсуһуу саҕаламмыта. Саха-нуучча диэн арахсан. Үс бырааттыы Седалищевтар охсуһууну хара бастакыттан тохтотор аакка барбыттара. Нууччалары нууччалыы кутан-симэн өйдөтөн, сахалары уу сахалыы буойан, амаҕаччылаан, иирсээни тохтоппуттара. Саамай харсаахтарын ыла-ыла бурайтаан тус-туһунан ыһаттаабыттара. Ити түгэнтэн ыла кинилэри улаханнык ытыктыы, толло көрөр буолбуттара.

“Маалыкайтан сылдьар сахалыы саҥарар бырааттыы нуучча уолаттара олус иллээхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин тутуһа сылдьыбыттара. Күүстэрэ-уохтара, кыаналлара-хотуналлара  да сүрдээх этэ. Аны туран, бары учуутал, үөрэхтээх дьон этэ. Сүрдээх өйдөөх, элбэҕи аахпыт, билбит-көрбүт буолан аан дойду, сэрии  балаһыанньатыгар тус санаалаах этилэр. Биһиги, сэриигэ баран иһээччилэр кинилэри сөҕө да, салла да көрөр этибит”, — диэн, хойут, сэрииттэн эргиллэн кэлбит (Ньурбаттан барбыт) бэтэрээннэр кэпсииллэрэ.

Физик — лирик

Степан Ильич сэрии кэнниттэн Маалыкай оскуолатыгар физика уруогун биэрбитэ. Аҕам, Василий Ксенофонтов, алтыс-сэттис кылаастарга физика уруогар киниэхэ үөрэммитэ. Физикаҕа олус кыһамньылаахтык дьарыктыырын кэпсиирэ.

Биирдэ оскуолаҕа мэниктээбиппэр (переменаҕа паарта үрдүнэн сүүрбүтүм) учууталым: “Максим, тээтэҕин эмиэ үөрэппитим ээ. Василий Кириллыч оҕо сылдьан уруокка да, переменаҕа да бэрээдэги кэһээччитэ суох”, — диэбитэ лоп-бааччы. Онтон ыла, аҕабынааҕар ордук мэник аатырымаары, оскуолаҕа мэнигилээбэт буоларга кыһаммытым.

60-ус сылларга фиизиктэр-лиириктэр диэни мэлдьи истэрбит. Поэзия сайдан, саҥа бэйиэттэр тэллэйдии үүнэллэрэ.

Оччолорго Маалыкайга Семен Никифоров – Бөккөс Сэмэн, Юрий уонна Яков Тыасытовтар хоһоон суруйаллара биллэрэ. Дьиҥэр, суруйар дьон нэһилиэкпитигэр элбэх этэ эрээри, биллэрэ, хоһоонноро тарҕаммыта ахсааннаах этэ.

Ол саҕана учууталбыт хоһоон суруйарын билбэт этибит. Сэрии кэмигэр С.И.Седалищев суруйбут хоһоонноруттан “Родным из Германии” диэн айымньыта ордубут.

1943 сыллаахха, дьыл оройугар, олунньуга, Маалыкайга Илья Гаврильевич Седалищевка боруонтан хара суруктар кэлбиттэрэ… Үс уолугар барыларыгар… Ону тулуйбакка, сүрэҕинэн, ийэлэрэ Лидия Николаевна орто дойду олоҕуттан туораабыта…

Ийэлэрэ Лидия эдэригэр бэрт мааны, сайдыылаах кыыс эбитэ үһү. Аҕабыыт Николай Попов кыыһа, Лидия, Бүлүүттэн (ону былыр “куораттан” дииллэрэ) Маалыкайга Расторгуев атыыһыттыын кэлэ сылдьыбыт Илья Седалищевтыын билсибиттэр. Эдэрдэр харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, ыал буолбуттар. Бастаан Бүлүүгэ олорбуттар. Степаннара 1911 сыллаахха онно күн сирин көрбүт. Онтон, уоллара биэс саастааҕар, Лидия дойдутугар — Маалыкайга — көһөн кэлбиттэр.

…Оттон Степан Ильич Воронежскай уобаласка 129-с артиллерийскай полкаҕа отделение хамандыырынан сэриилэһэ сылдьан, контузияланан, өйө суох сытан, билиэн түбэспит этэ. Билиэннэйдэри таһаҕас тиэйэр богуоннарга симэттээн арҕаа утаарбыттар.

Билиэннэйдэргэ дойдуларыгар сурук суруйары көҥүллүүр эбиттэр. Ол эрэн, оккупацияламмыт зоналарга эрэ ол муҥнаахтар харах уулаах суруктара тиийэр эбит.

Биир 20-чэлээх Леся диэн кыыһы Украинаттан атын кыргыттары, эдэр дьахталлары кытта Германияҕа утааралларыгар ийэтин кытта болдьоспут: “Онно тиийэн баран сурукпар “олус бэркэ олоробун” диэбит буоллахпына, ол аата куһаҕан усулуобуйаҕа сылдьарым бэлиэтэ”. Лесяттан биирдэ эрэ сурук кэлбит. Онно “олус бэркэ олоробун” диэн, биир эрэ этииттэн уратытын, фашист цензора хара чэрэниилэнэн соппут…

Оттон боруон нөҥүө аадырыстаммыт суруктар дьылҕалара биллибэт. Степан Седалищев билиэҥҥэ сылдьан дьонугар  суруйа сатаабыт да, тиксэрбэтэхтэр.

Дойдутун, дьонун, Маалыкайга хаалбыт икки кыра кыыһын  ахтан, кырыыстаах өстөөххө аба-сата уотунан умайан, кыайыыга эрэлин хоһуйан, хоһоон суруйара. Олортон, арай, киһи харааста ааҕар “Родным из Германии” диэн айымньыта орпут.

Родным из Германии

Из чужого, далёкого края

Шлю я вам, дорогие, привет.

Как живёте, мои родные?

Напишите скорей ответ!

Я живу близ французской границы,

Где пустынным кажется свет,

Посылаю я вам, дорогие

Свой горячий, сердечный привет.

Посмотрю – везде горы, деревья,

А равнины здесь нет нигде.

Все родные мои на востоке,

Я один в чужой стороне.

Здесь я один-одинешенек,

В далекой, чужой стране.

Дни проходят протяжно и мрачно,

И, как грустно гудок загудит,

Я невольно иду на работу,

Только сердце заболит.

Для чего я живу и страдаю,

Какая судьба меня ждёт?

Как в бурю челнок одинокий,

Что берег никак не найдёт.

На востоке любимая мать –

Одинокая старушка моя

Горько плачет, меня вспоминая,

И не знаю, дождётся ль меня.

г. Аттердорн, 1944 г.

Седалищев С.И. билиэнтэн хаста да күрүүргэ холоммута да, табыллыбатаҕа. Сэрии бүтэн эрдэҕинэ союзниктар чаастара босхолообута.

Ньиэмэс кыыһын аҕалыам

Седалищев С.И. оонньуу кэриэтэ итинник эппитэ туолбута. Сэрииттэн немка кэргэннээх кэлбитэ. Ол маннык этэ.

1945 сыллаахха союзниктар армиялара босхолоон, сэбиэскэй билиэннэйдэри Польшаҕа, лааҕырга ыыппыттара. Онно сылдьан Степан бэйэтин курдук билиэҥҥэ сылдьыбыт Эрна Леммле диэн кыыстыын билсибитэ.

Эрна Украина Марьенберг сэлиэнньэтиттэн төрүттээх, сэбиэскэй, этническэй немка этэ. Кини Степантан 15 сыл балыс этэ эрээри, олоҕу көрүүтүнэн, олох араас аһыытын-ньулуунун билбитинэн, бэйэтин сааһыттан аҕа курдук сананара. Саха сирэ диэн, ханна эрэ, ырыых-ыраах баар, кини санаата да кыайан тиийбэт сириттэн сылдьар билиэннэй нуучча киһитин бэйэтиттэн улахан аҕа дии санаабатаҕа.

Биир өлүүгэ сылдьар эдэр дьон, Степаннаах Эрна, уопсай тылы булан, өйдөһөн, сөбүлэһэн, ыал буоларга быһаарыммыттара.

Немецтэр Марьенберг дэриэбинэни ылан баран хомуньуустары, еврейдэри ытыалаабыттара. Сорохторун, нэһилиэнньэни куттаан, ыйаабыттара.  Эрна Леммлени атын эдэр кыргыттары, дьахталлары кытта Германияҕа үлэҕэ ыыппыттара. Ийэтэ, кыра балта ытаһа хаалбыттара. Эдэркээн кыыска ыарахан, дьэки-курус олох саҕаламмыта. Сэрии кэнниттэн кини чугас аймахтарын, оккупация ыар баттыгар олорбут дьону, “пособниктар” диэн хара дьайдаах дьаралыктааннар, хоту, Воркута эргин “лесоповалга” ыыппыттара…

Билиэннэйдэри кытаанах сиидэ нөҥүө аһараллара. Кими эрэ уустук бэрэбиэркэ кэнниттэн, “таҥнарыахсыт” диэн лааҕырга ыыталлара. Сорохтору босхолоон, дойдуларыгар баралларын көҥүллүүллэрэ.

Степан Ильич уонна Эрна Седалищевтар, тыҥааһыннаах кэмҥэ  холбоспут эдэр дьон,  Польшаҕа “перемещеннайдар” лааҕырдарыгар сытан, кинилэр ааттарыгар ыытыллыбыт ыйытыкка харда кэлэрин кэтэспиттэрэ. Кэмниэ-кэнэҕэс тустаах хоруй кэлэн, иккиэн босхоломмуттара..

Эрна кэргэнин батыһан, Сибииргэ, тымныы Саха сиригэр барсыбыта. Аара, Томскай куоракка, биир сыл тохтоон, собуокка үлэлээбиттэрэ, дойдуларыгар салгыы айанныырга харчы мунньуммуттара.

1947с., саас, кыыс оҕоломмуттара. Степан Ильич кыысчааныгар ийэтин аатын биэрэргэ, Лида диэн ааттыырга эппитэ. Эрна таптыыр кэргэнин кытта  сөбүлэспитэ.

Сэрии бүппүтүн кэннэ икки сыл буолан баран, күһүн, от-мас саһаран турдаҕына, Степан Эрнатын кытта, биэс ыйдаах кыыс оҕолорун көтөхпүтүнэн дойдутугар, Маалыкайга, эргиллэн кэлбитэ. Аҕата уола эргиллибититтэн долгуйбута, үөрбүтэ. “Сураҕа суох сүппүт” Степана көстөн, баҕар, орто уолум Николай эмиэ кэлээрэй диэн, иһигэр эрэл кыыма кыламнаабыта. Кийиитин Эрнаны, бастаан утаа, атыҥыраабыта. Оҕонньор санаатыгар, ньиэмэс буолла да, өстөөх буолуохтааҕа. Ону Степан Эрна сэбиэскэй немка буоларын, фашистары утары санаалааҕын быһаарбыта.

Сирдээҕи дьол баар диэҕим

Поэт бу эппит тылларын кытта Степан Ильич толору сөбүлэһиэ этэ. Кини үүт-тураан олоххо олорботоҕо. Оройуон байыаннай комиссариата, “Седалищев С.И. 1942 с. сураҕа суох сүттэ” диэн “хара сурукка” тирэҕирэн кинини кыргыһыы толоонугар охтубутунан аахпыта.

Кэлин, сэрии үбүлүөйүгэр аналлаах “Книга памяти” тахсыбытыгар, кини аатын өлбүттэр испииһэктэригэр киллэрбиттэрин көрөн, Степан Ильич сонньуйбута.

Ис дьыала уорганын үлэһиттэрэ сотору-сотору кинини бэрэбиэркэлииллэрэ. Итинник моһуур билиэҥҥэ сылдьыбыт саллааттар үксүлэрин дьылҕата этэ…

Ол эрэн Седалищев Степан Ильич олоҕун толору олорон, үлэ бөҕөнү үлэлээн, 9 оҕону улаатыннаран, атахтарыгар туруоран, сиэн минньигэһин билэн, 70 сааһыгар олохтон туораабыта. Сэриигэ ылбыт баастарын дьарҕата түргэтэппэтэҕэ буоллар, баҕар, өссө да олорболуо эбитэ дуу…

Кини “Хорсунун иһин”, “Германияны 1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы иһин” уонна элбэх Кыайыы үбүлүөйүн мэдээллэринэн, “Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 370 сыла” бэлиэнэн, үгүс Бочуот Грамотатынан, Махтал суруктарынан наҕараадалммыта.

Степан Ильич амарах аҕа, эйэҕэс эһээ этэ. Билигин аҕаларын  олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос, хос-хос сиэннэрэ салгыыллар.

Хаһан эрэ урут эһэлэрэ Илья — Үллүүскэ: “Маалыкай барыта ньиэмэс буолла”,- диэбитинии, билигин Седалищевтар Маалыкайга эрэ буолбакка, Саха сирин араас улуустарыгар, куораттарыгар тарҕаннылар. Степан Ильич удьуордара салгыы сириэдийэ туруохтарыгар бигэ эрэллээхпит.

Ытык-мааны бастакы учууталбытын, сырдык-киэҥ билиигэ сирдээбит, үтүө-мааны олоххо олорорго улахан суолбут олугун уурбут, дьулуурдаахтык бэйэ суолун булунарга, солонорго уһуйбут, Степан Ильич Седалищевы, төрөөбүтэ 110 сылынан, үөрэнээччилэрэ истиҥ махталынан ахтан-санаан ааһабыт, киниэхэ анаммыт барҕа махтал тылларын этэбит.

Ксенофонтов Максим Васильевич

СӨ үөрэҕириитин туйгуна

Дьокуускай к.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0