Уу саппыкытыгар наадыйаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьаҥ саҥа көрүҥэ тарҕана турарынан сибээстээн, билигин ас-үөл маҕаһыыннара эрэ үлэлииллэр.

edersaas.ru

Ол эрээри хаар эмискэ ууллан эрэринэн, өссө биир кыһалҕа күөрэйиэх курдук. Суол уу-хаар, бадараан буолан, уу саппыкыга наадыйыы улаатта. Киһи үксэ уу саппыкы көрдөнөр. Дьокуускайга саппыкыга ордук кытыы уулуссаларга олорооччулар наадыйаллар. Биллэрин курдук, сорох мас дьиэлэргэ хайыы-үйэ уу киирэн эрэр дииллэр. Онон сотору подъезтарга киирэр да эрэйдээх соҕус буолсу.
Билиҥҥитэ истээх уу саппыкыны дьиэҕэ тиэрдэн биэрэбит диэн биллэриилэр син тахсаллар. Ол да буоллар, уу саппыкы Саха сирин усулуобуйатыгар бастакы уочарат наадалаах табаар ахсааныгар киирдэр бэрт буолуо эбит. Тыа сиригэр эмиэ баччаларга бу табаар олус суолталаах.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыскаҕа: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0