Кыһын ортото Дьокуускай куорат 202 оройуонугар дьиэ аннынааҕы сыбаайаны үнтү хаһан, бөҕөргөтүү үлэтин ыыта сылдьаллар. Үчүгэй хаһаайын өрөмүөнү халлаан тымныйыан, сир тоҥуон иннинэ оҥорор. Ол аата туох эрэ ыксал буолан хамсаннахтара…
edersaas.ru
Аҕа саастаах көлүөнэ кэпсииринэн, Главпочтамт кэннинэн барыта Күөх хонуу уута нэлэһийэ сытар үһү. Онтон 90-ус сылларга Өлүөнэ эбэ салаатыгар кумах кутан, 202 оройуону тутан таһаарбыттар. Эспэримиэн быһыытынан. Билигин ол сир аннынааҕы уулара ханна да барбакка, сыл аайы тоҥо-тоҥо ирэн, дьиэлэр сыбаайаларын хамсатан, панеллар икки ардыларынааҕы сииктэрэ атан эрэр.
Эмиэ боротуока уутун үрдүгэр кумахха тутулла турар 203 оройуоҥҥа ааспыт сайын биирдэ күүстээх ардах түспүтүн кэннэ сир кырса хайа баран, ол ханаабатыгар манипулятор массыына сурулаан тиэрэ түспүтэ. Онон уу үрдүгэр дьиэ тутар сэрэхтээҕэ итинтэн көстөр.
Сэтинньи 23 күнүгэр Губинскай уокурук ОДьКХ-тын, «Госстройжилнадзор», Ыксаллаах быһыыга-майгыга управление, Куорат хаһаайыстыбатын сулууспата, «Геотехнология» бэрэстэбиитэллэрэ, Ирбэт тоҥ үрдүгэр тутууну чинчийэр ХИФУ преподавателлэрэ кэлэн, 19 куорпус олохтоохторун кытта көрүстүлэр.
Сыбаайа хамсаабыт дьиэтэ олорорго төһө кутталлааҕый, сууллуон сөп дуо? Саахалланар туруктаах дьиэлэр испииһэктэригэр киллэрэн, дьону көһөртүөхтэрин сөбүн олохтоохтор ыйыталастылар.
Алексей Топорков, Губинскай уокурук управатын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу:
— “ХИФУ Инженернэй-тэхиньиичэскэй үнүстүүтүн уонна «Геотехнология» үлэһиттэрэ ыыппыт чинчийиилэрин түмүгүнэн хамыыһыйа 202 оройуон 19 куорпуһа саахалланар туруга суоҕун бигэргэттэ. Кэлэр икки ыйга дьиэ фундаменын бөҕөргөтүү үлэтэ ыытыллыаҕа. Онон, долгуйарга төрүөт суох, дьиэ өссө даҕаны 50 сыл турар кыахтаах! Оҕолоргут, сиэннэргит кытта олоруохтара”, — диэн эттэ.
Федор Посельскай, ХИФУ Инженернэй-тэхиньиичэскэй үнүстүүтүн «Бырамыысыланнай уонна гражданскай тутуу» кафедратын сэбиэдиссэйэ: “Биһиги куораппытыгар дьиэ тутуллан бүппүтүн кэннэ хайдах туруктааҕын, туох куттал баарын ким даҕаны чинчийэн көрүүнэн дьарыктаммат. 90-ус уонна 2000 сылларга дьиэлэри ким да кэтээн көрбөтөҕө. Ол эрэн, эспэримиэн быһыытынан тутуллубут дьиэлэри умнан кэбиһэр сатаммат. Билигин бу боппуруостарынан «Госстройжилнадзор» дьарыктаныахтаах. Куорат атын оройуоннарыгар эмиэ иҥнэччи-хаҥначчы барар кутталлаах дьиэ элбэх. Ону чинчийэргэ, эрдэттэн сэрэтэргэ үнүстүүт уопуттаах үлэһиттэрэ бааллар эрээри, үбүлээһин кыаллыбат. 19 куорпус чинчийиитин олохтоохтор ититиигэ кэмчилээбит харчыларыттан төлөөтүлэр. Дьиҥэр, оннук буолуо суохтаах. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар анал бырагыраама көрүллүөн наада. Оччоҕуна эрэ утумнаах үлэ барар кыахтаах».
Түргэнник тутуллар каркаснай-монолитнай дьиэлэр эркиннэрэ хайа барарын, онон кыһын тымныы салгын курдары киирэрин, кырыарарын туһунан эмиэ этэллэр. Ааспыт үйэ 50-60 сылларыттан турар блочнай дьиэлэр, КПД-лар эмиэ эргэрдилэр. Аныгы кэм ирдэбилинэн ити тутуулары саҥардар, турбаларын уларытар кэм уолдьаста.
Тутааччылар этэллэринэн, саахал тахсыбатын туһугар саатар уон сылга биирдэ дьиэ туругун, сыбаайатын, аннынааҕы сир төһө хамсыырын, панеллар икки ардынааҕы сиик төһө атарын кэтээн көрөр үлэни ыытыахха наада.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru