УУ, КҮН, ТЫАЛ КҮҮҺҮНЭН

Ааптар: 
25.07.2017
Бөлөххө киир:

Күннээҕи олоххо-дьаһахха электричество туһатын ама, ким мэлдьэһиэй? Бэйэбит судургутук ааттыырбытынан, уоппут суох буоллар эрэ, илиибит-атахпыт баайылла, үлэбит-хамнаспыт тохтуу түһэргэ дылы буолар.

edersaas.ru


ГРЭС уонна ГЭС

Киин уонна илин эҥэр улуустары, Туймаада туонатын Дьокуускайдааҕы ГРЭС хааччыйарын бары бэркэ билэбит. Билигин ГРЭҺ-и күүһүрдэр туһуттан, ыстансыйа иккис уочарата тутуллар.

Бүлүү эҥээргэ уонна Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ уу күүһүнэн үлэлиир Бүлүүтээҕи ГЭС уота туһаныллар. ГЭС көдьүүһүн өссө үрдэтэр сыалтан, бу улуустарга электро-уотунан сылытыныы технологията киирдэ. Баара эрэ уон биэс сыл анараа өттүгэр ГЭҺ-и сыттана сытар Бүлүү түбэтин дьоно 220 кВтлаах уот ситимэ кэлиэҕин бэркэ саарбахтыыллара. Өрөспүүбүлүкэ оччолорго Президенэ Вячеслав Штыров дьулуурунан ГЭС каскадын уота Сунтаарга аҕалыллан, Өлүөхүмэҕэ тиийэ барбыта. Ол түмүгэр, ити улуустарга нэһилиэнньэ аҥаара дьиэтин уотунан сылытынар буолла, оттук маһы хааччынартан сынньанна, оттон күөх тыа кэрдиллэртэн быыһанна. Бу технология сыаната удамырынан абылаата. Холобур, 42 кв. миэтэрэ иэннээх дьиэлээх ыал ыйга 600 солк. төлүүр. Инньэ гынан, сорохтор гаһынан барар хочуолларын араартаран, уотунан үлэлиир оһоххо көһүөхтэрин санаталыыллар.

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уотунан сылытыыга 8 тыһ. 573 туһанааччы-абонент (чааһынай ыаллар, тэрилтэлэр) холбонон олороллор. 2016 с. 1 тыһ. 777 абонент, быйылгы сыл бастакы аҥарыгар 415 туһанааччы холбоммут, сыл бүтүөр диэри 554 эбии ыал холбонуохтаах. ГЭС каскадын уотун салгыы Ньурбаҕа диэри аҕалар бырайыак олоххо киирдэҕинэ, арҕаа эҥээр улуустар олорчу уотунан сылытыыга көһөр кыахтаахтар.

Күн күүһүнэн

Киинтэн ыраах сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ уоту убаҕас уматыгынан үлэлиир дизельнэй ыстаансыйалар хааччыйаллар. Хонон турдах ахсын сыаната үрдүү турар уматыгы тиэрдии ороскуота улахан, эрэйэ элбэх буолан, бу ыстаансыйалар оҥорон таһаарар электричестволарын сыаната ыарахан. (1 т убаҕас уматык 55-65 тыһ. солк., дизельнэй ыстаансыйа 1 кВт уота 39 солк.) Ити иһин энергетиктар айылҕа күүһүн туһанар технологиялары сайыннарарга үлэлииллэр. Холобур, «Сахаэнерго» ААУо хотугу улуустарга ыстаансыйалары туруорууга ылыста. Бастакы маннык ыстаансыйа 2011 с. Кэбээйи Батамайыгар туруоруллубута. Күн күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйалар билигин 17 сиргэ бааллар. Быйыл Орто Балаҕаҥҥа (Өймөкөөн), Кыстатыамҥа (Эдьигээн), Сэбээн Күөлгэ (Кэбээйи) туруоруллаллар.

Хампаанньа энергетиканы сайыннарыыга салаатын чахчытынан, 2015 с. үлэҕэ киллэриллибит, 1 тыһ. кВт кыамталаах Баатаҕай ыстаансыйата 2016 с. устата 652,842 тыһ. кВт чаас энергияны оҥорбут, 177,6 т уматыгы кэмчилээбит! Ааспыт сыл устата бары ыстаансыйалар холбоон 400 т уматыгы, ол эбэтэр 100 мөл. солк. кэмчилээбиттэр. Маныаха тулалыыр эйгэ уматык тобоҕуттан ыраастанарын эбэн кэбиһиэххэ. Онон, күн күүһүнэн үлэлиир ыстаансыйалар табыгастаахтара, барыстаахтара дакаастаммыт. Ол эрээри, убаҕас уматыгынан үлэлиир ыстаансыйалары эһэр наадата суох, тоҕо диэтэххэ, кинилэр сөптөөх күүрүүнү биэрдэхтэринэ эрэ, күн ыстаансыйалара үлэлиир буоланнар, икки технология тэҥҥэ туттуллар.

Тыал көмөтүнэн

Хоту дойду күүстээх тыалын-кууһун муоһалыах баҕа улахан. Уон сыллааҕыта эксперимент быһыытынан, Булуҥҥа Тиксии аттыгар тыалынан барар, Германияттан аҕалыллыбыт ыстаансыйа үлэҕэ киллэриллибитэ. Ол эрээри, эргэ уонна сымнаҕас килиимэттээх сиргэ анаммыт буолан, туһалаабатаҕа. «Сахаэнерго» икки сыллааҕыта тымныыны уйар кыахтаах, дьоҕус кыамталаах икки ыстаансыйаны оҥорторон, Быыкап Мыска туруорбута саҥа үлэлээн эрэллэр. Төһө көдьүүстээхтэрэ эһиил биллиэҕэ.

Сыана уонна чэпчэтиилэр

Электроэнергияны оҥорон таһаарыы бэйэҕэ турар сыаната ыарахан, туһаныы өҥөтүн иһин төлөбүр чэпчэкитэ суох. Ол эрээри, судаарыстыба нэһилиэнньэ туһанар уотун ороскуотун сороҕун толуйар буолан, биһиги икки төгүл чэпчэтиллибит сыананан төлүүбүт. Онуоха куоракка, тыа сиригэр, уопсайдарга, чааһынай дьиэҕэ олорооччуларга, газ, кирпииччэ эбэтэр уотунан үлэлир оһохтоохторго уо.д.а. диэн тарыып тус-туһунан ааҕыллар.

Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүн, ол иһигэр газ, уот, уу иһин ыйдааҕы төлөбүр дьиэ кэргэн дохуотун 15 %-ыттан үрдүк буоллаҕына, судаарыстыбаттан социальнай көмө көрүллэр. Маннык чэпчэтиинэн туһанар дьон (тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаахтар, соҕотох олорор кырдьаҕастар, элбэх оҕолоох ыаллар) Субсидия ааҕыныстыбатыттан ыйыталаһаллара, туох докумуон ирдэнэрин билэллэрэ наада. ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин чахчытынан, 2016 с. субсидия бу көрүҥүнэн 27 тыһ. 557 ыал туһаммыт. Биир мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр ахсааннаах нэһилиэнньэлээх өрөспүүбүлэкҕэ олус сэмэй. Ама, бары оччо баайбыт дуо?

Саҥа тарыып хамсааһыны таһаарыаҕа

2016 сыл бүтүүтэ ылыллыбыт электроэнергия тарыыптарын тэҥниир туһунан федеральнай сокуон чэрчитинэн, Уһук Илиҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, электроэнергияны туһаныы тарыыбын намтатан, Россия орто таһымыгар тэҥниир нуормаламмыт аах оҥоһуллан үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Оччотугар бүддьүөт тэрилтэлэрэ, ОДьКХ эйгэтэ уонна урбаанньыттар электроуоту Россияҕа олохтоммут тарыыбынан төлүүр буолуохтара.

Тарыыбы чэпчэтии хаһаайыстыбаларга үлэ оҥорумтуотун үрдэтэр, үлэ бэйэҕэ турар сыанатын чэпчэтэр, производствоны кэҥэтэр кыаҕы биэриэҕэ. Федеральнай киин Саха өрөспүүбүлүкэтин этиитин ылынан, саҥа тарыыбы 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киллэрэргэ быһаарбыта, инньэ гынан, ити кэмтэн хат ааҕыы оҥоһуллуохтаах.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0