Утуман Таман саҥа кинигэтин билиһиннэрэр

Бөлөххө киир:

Олунньу 1 күнүгэр, сэрэдэҕэ СӨ Национальнай библиотекатын историческай саалатыгар күнүс 16 чаастан Утуман Таман “Үрүҥ Аар Айыы Таҥара Итэҕэлэ” – Саха Итэҕэлин бары көрүүлэрин бииргэ түмүү уонна “Вера Белого Аар Айыы” саҥа тахсыбыт кинигэлэрин тула кэпсэтии ыытар.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

“Былыргы Египет скульптураларыгар дьоннор сэбэрэлэрэ сахаларга олус майгынныыллар. Билиҥҥи египтяннар арабтар, ону бу дьүһүннэрэ кинилэргэ маарыннаабатын иһин үгүс скульптураларын былыр муннуларын үлтү сынньыбыттар. Ол эрээри, скульптуралар элбэхтэрэ бэрт буолан уонна кэнники арыллыбыттары алдьаппатахтар, онон сорох скульптуралар муннулара бүтүн хаалбыт. Луксорга Хатшепсут храмыгар баар статуялар сахаларга майгынныыллара уонна Египеткэ Саха диэн төрүттээх сирдэр ааттара элбэхтэрэ киһини сөхтөрөр. Холобур, Каирга — Саккара, Хургадаҕа —Саккала, уо.д.а.”, — диэн суруйар Утуман.

Библиотекаҕа, Аан дойду былыргы биир Итэҕэлэ – аныгы наукатааҕар быдан Сайдыылаах Цивилизация Билиитэ биһиэхэ сахаларга эрэ ордон хаалбытын туһунан кэпсэтии, сабаҕалааһын үгүс ааҕааччы болҕомтотун, интэриэһин  тардыан сөп.

— Быһаарыылаах кэмнэр кэллилэр. Итэҕэлбитинэн Aан Дойду Тутулун Былыргы Добун Билиитинэн Киһилии буолар – Саха буолар биир санаа тула түмсүөҕүҥ уонна ол санаа тула Аан Дойду бары омуктарын түмүөҕүҥ, — диир Утуман Николаевич.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0