Утум-ситим үлэлээх Айсен Николаев

04.06.2018
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэбит саҥа салайааччыта ананна. Айсен Николаев аата төһө да дьон кулгааҕар өрүү баар буоллар, тус олоҕун, үлэтин саҕалаабыт кэрдиис кэмин үгүс дьон билбэт буолуохтаах. 

Прокопий БУБЯКИН, «Саха сирэ» хаһыат, Еdersaas.ru саайт кылаабынай эрэдээктэрэ.

Ол иһин кинини билиһиннэрэр соруктаах, Дьокуускай баһылыгынан үлэлии олорор кэмигэр ылан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ» хаһыакка былырыын сайын таһаарбыт интервьюбун ааҕаргытыгар ыҥырабын.  Олохпут оҕо саастан саҕаланарын сиэринэн, интервьюбун Айсен Сергеевичтан маҥнай оҕо эрдэҕинээҕитин ыйытан саҕалаабытым.

“Мэник киһи этим”

— Эйигин дьон үксэ улахан үөрэх­тээх финансист, салайааччы быһыытынан билэрэ буолуо. Оҕо сааһыҥ хайдах ааспытай, хайдах оҕо этигиний? Эһэҥ Андрей Титаров биэрбит сүрүн үөрэҕэ туох этэй?

— Кыра эрдэхпинэ биир сиргэ таба олорбот киһи этим — сүүрэкэлээн, онно-манна ыттан… “Мэник оҕо этэ” диэн суруйдаххына, сыыспаккын. Иккис өттүттэн, барытын билэ-көрө сатыыр оҕо этим: “Күн тоҕо тахсан баран киирэрий?”, “Сулустар тоҕо түүн эрэ тыгалларый?”… Итинник мээрилиирбин дьонум “бүт эрэ” диэбэт, тулуйар, хоруйдуур этилэр. Барыны билэ сатыыр баҕабын туһанан, миигин кинигэни кытта доҕордоһуннарбыттара: “Кинигэ, энциклопедия диэн баар, мэ, маны аах”. Дьэ, мин онно ааҕыы умсулҕаныгар ылларбытым. Кинигэни 5 саас­пыттан аахпыппын.

Оттон эһээм улуу киһи буоллаҕа— Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сталинграды көмүскэспит буойун. Аатырбыт олоҥхоһут, оһуохайдьыт, но­руот эмчитэ. Андрей Титович сааһын тухары бэтэринээринэн үлэлээбитэ. Оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ тус холобурунан үөрэппитэ. Кыра эрдэхпиттэн эһэм миигин өрүү соһо сылдьара: сүөһүбүтүгэр оттуур этибит, тыаҕа сылдьарбыт, ат сүүрдүүтүн көрөрбүт. Ат сүүрдүүтүн “ыарыыта” миэхэ кинит­тэн сыстыбыт эбит. Эһэм улахан бэтэринээр, аты үчүгэйдик билэр киһи буолан, сылгыһыттар кинини олус ытыктыыр, сүбэлэтэр этилэр. Ат миинэргэ үөрэппитэ. “Киһи үлэлээх буолуохтаах, үлэтин үчүгэйдик толоруохтаах” диэн ирдиирэ.

Оттон эбээм сааһын тухары ССРС Сбербаанын үлэһитэ. Мин төрөөбүппэр, оруо­буна биэнсийэҕэ барбыт сааһа этэ. Миигин иитиигэ улахан болҕомтотун уурбута.

— Ол иһин баан үлэһитэ буолбут эбиккин дии!

— Баан үлэтигэр эбээм сирдээбитэ диэ­бэппин эрээри, дьиэбитигэр үбү бэрээдэк­тээһин, отчуотунас, дебет-кредит диэннэри кыра сааспытыттан билэбит.

Туйгун уол

— Өрүү туйгун, эдэр сааскыттан салайар үлэҕэ сылдьыы диэн хайдаҕый? Оскуоланы, университеты — кыһыл дипломунан бүтэртээбитиҥ, корпорация 23 саастаах вице-президенэ, 25 саастаах норуодунай дьокутаат, 32 саастаах үп миниистирэ этиҥ. Итинник тэтим өрүү өй күүрүүлээх үлэтин, дьиссипилиинэлээх олоҕу ирдиир буолуохтаах…

— Үөһээ Бүлүүгэ учууталларым улууканнаах дьон буоллахтара, үөрэтэллэрэ да үчүгэйэ бэрт этэ. Бэйэм олус сөбүлээн, билиигэ тардыһан туран үөрэммитим. Кыра эрдэхпиттэн “үлэҕин чиэһинэйдик толоруохтааххын” диэн үөрэппит буоланнар, өрүү ону тутуһабын. Хайа да дуоһунаска сылдьарым тухары, үлэбин эппиэтинэстээхтик, туох баарбын биэрэн туран толоро сатыыр этим.

— Хайдах гынан эдэр сааскар тыыллан-хабыллан тахсан кэллиҥ?

— Биһиги, 90-с сылларга үлэлээн саҕалаабыттар, кэммит курдук дьон этибит. Дойдуга уларыйыы-тэлэрийии, түһүү-тахсыы бөҕөтө. Үлэлии сатыыр, үүнэ сатыыр буоллахха, билигин да, оччолорго да — ким баҕарар “тахсар” кыахтааҕа. Дьолго,  Россия уопсастыбатыгар, атын дойдуларга, кэмнэргэ баарын курдук, ханнык да кастовай эҥин хааччах суох. Кыһалын, үлэлээ. “Үлэбит ­суох” диир дьону урут да, билигин да элбэхтэ истэ­бин. Сирбэккэ-талбакка, тугу сатыыргынан үлэлээн иһиэххэ наада. “Банкир эбитим буоллар, мин да үлэлиэм этэ” диэбит дьон бааллар. Чиэһинэйдик этэбин, банкир курдук ыарахан үлэ ­суох. Тоҕо диэтэххэ, эн бэйэҥ харчыгар эрэ буолбакка, тыһыынчанан киһи харчытыгар эппиэттиигин. Мин 1998 сыллаахха “Алмаасэргиэнбааҥҥа” салайааччынан кэлэрбэр, баан олус ыарахан туруктаах этэ. Уонунан мөлүйүөн доллар иэстээх олороро. Сарсыарда үлэм чааһа иэстээх дьоммун кытта кэпсэтиинэн саҕаланара, киэһэ ону быһаарсыынан түмүктэнэрэ. Москваттан кытта эрийэн куттуу, ыга-түүрэ сатыыллара. Үп миниистирэ өссө ыарахан үлэлээх – өрөспүүбүлүкэ үбүгэр барытыгар эн эп­пиэттиигин.

Тыл туһунан

— Икки тылынан ыраастык саҥараҕын. Үөһээ Бүлүүгэ улааппытыҥ, Москваҕа үөрэммитиҥ-үлэлээбитиҥ дьайдаҕа буолуо. Тылы билии туһунан санааларыҥ.

— Кинигэни ааҕыахха наада, сахалыы уонна нууччалыы. Аахпат буоллуҥ да, тылыҥ дьадайбытынан барар. Мин бэйэбэр да ону кэлин бэлиэтии көрөр буоллум. Ол иһин убайдарбытын Кулаковскайы, Гоголевы ылан ааҕабын. Тылбар төннүбүт курдук сананабын, холкутуйабын. Кэмсинэрим диэн баар, университекка үөрэнэр кэммэр английскайы холкутук кэпсэтии таһымыгар диэри үөрэппэтэхпин. Билигин саха кырата үс тылы билиэхтээх. Мин, дьиҥэр, английскайдыы наадабын быһаарсабын. Өрдөөҕүтэ Пан-Ги-Муну кытары 15 мүнүүтэ сэһэргэһэн турабын. Инвестиция миниистиринэн үлэлии эргиллэн кэлбит Антон Сафроновы хайгыыбын. Кини омуктары кытта уун-утары олорон английскайдыы быһаарсар, кэпсэтэр. Ити олус үчүгэй. Кини курдук буолуохпутун наада.

— Оттон чопчу саха тылын чааһыгар санааларыҥ?

— Саха тылын куораппытыгар хаалларыахпытын, сайыннарыахпытын наада. Туох да диэбит иһин, саха тылын дьылҕата бу сылларга Дьокуускайга быһаарылла турар. Сахалар куоракка олус элбээтибит, омукпут улахан аҥаара манна олорор. Атын дойдулар курдук, глобализация процеһыгар бэринэн кэбистэхпитинэ, иэдэйэбит. Саха дьоно саха тылын туттар, ханна баҕарар кэпсэтэр буоллаҕына, ол аата тылбыт тыыннаах хаалар. Тыл хаалар буоллаҕына, омук эмиэ тыыннаах хаалыа. Куорат оскуолаларыгар сахалыы кылаастары эбэн иһиэхпит. Икки сылынан куорат бары оскуолаларыгар сахалыы кылаас баар буолуо!

Куоракка көһүү

— Тыа сириттэн көһүү хойуутуттан буолуо,  сахалар киин куоракка ахсааммыт чахчы лаппа элбээтэ. Бу түгэн куорат олоҕор хайдах дьайда дии саныыгын?

— Урбанизация диэн аан дойду үрдүнэн бара турар процесс — дьон куораттарга мустуута. Бу хамсааһынтан куттаммакка, дьон кэлэригэр харгыс туруорбакка, процеһы сатаан салайыахтаахпыт. Мин санаабар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата кэмигэр сөптөөх үлэни ыытан, дьон көһүүтүн лаппа аччатта. Куорат дьонун ахсаана кэлиҥҥи сылларга көһөн кэлээччи суотугар буолбакка, оҕо төрөөһүнүн суотугар улаата турар. Нэһилиэктэр дьиэлэрин кииннэммит сылытыынан хааччыйан, дьиэлэргэ толору хааччыллыыны киллэриини көҕүлээн, дьон куоракка көһөр баҕата намыраата.

Соцситим туһунан

— “Түүнүн социальнай ситимнэргэ олоробун, дьон ыйытыыларыгар хоруйдуубун” диэбитиҥ. Социальнай ситим, интэриниэт-оонньуулар саха оҕотун иитиигэ дьайыыларын туһунан санааларгын үллэһин эрэ.

— Тэлэбиидэнньэ, интэриниэт баһырхай сайдыытын, эмиэ урбанизацияны курдук, кыайан тохтоппоккун. Билиҥҥи оҕолор ийэлэрин смартфонунан оонньууллара – урут биһи тэлэбиисэр иннигэр олорорбут курдук буоллаҕа.

— Оҕоҕуттан төлөпүөнү киэ­һэтин былдьыыгын дуо?

— Оҕобор төлөпүөн үөрэх күннэригэр мэһэйдиэ суохтааҕын өйдөтөбүн, оонньуу­рун өрөбүллэргэ эрэ хааччахтаабаппын. Төлөпүөнү оҕоттон, таба көрдөх аайы, былдьыыр сыыһа. Төрөппүттэр кинини олоххо бэлэмнээн, үчүгэйи куһаҕантан араара үөрэтиэхтэрин наада. Интэриниэттэн суо­һуур ханнык кутталлар баалларын, буортутун кэпсиэхтээхпит. Холобур, “Синий кит” курдук уодаһыннаах тиэмэлэри көрдө да, ийэтигэр-аҕатыгар этиэхтээх. Интэриниэт оҕоҕо буортута олус улахан — баттаатах ахсын сыгынньах дьон сылдьаллар, охсуһуу-­өлөрсүү көстөр. Төрөппүт кыраҕытык кэтиэхтээх, оҕолуун үчүгэйдик кэпсэтиэхтээх. Кылаабынайа, дьаалытынан ыытымаҥ.

Кылгас утуйуу, уунан эмтэнии

— Сарсыарда төһө эрдэ тураҕын? Сынньалаҥ туһунан санааларыҥ.

— Дьиэбэр киэһэ 21.00-22.00 тиийэбин. Кумааҕылары ааҕан, кэргэттэрбин кытта кэпсэтэн, интэриниэти көрөн баран сытабын. Кылгастык утуйар киһибин. Күн аайы 01.30-02.00 чааска утуйабын, 07.00 турабын. Тута этэбин, мин күннээҕи эрэсиимим –  үчүгэй эрэсиим буолбатах. Киһи киэн туттубат дьыалата. Хайыамый, үлэм оннук, эбээһинэһим итини ирдиир.

— Куораккын кэрийэн көрөр күнүҥ субуота быһыылаах дуу?

— Субуотаҕа хаһан да сынньамматаҕым. Арай, биир эмэ баскыһыанньаҕа өрүөхпүн сөп. Субуотаҕа куорат суолларыгар массыына аҕыйах. Маршруту үчүгэйдик былааннаатахха, элбэх сиргэ сылдьыахха сөп. Эппиэттээх дьон эбийиэккэ баар да буолалларыгар чэпчэки, үлэ күнүгэр кинилэри тоҕо тардан аҕалар эмиэ соччото суох.

Булт

— Итинник эрэсиим киһи доруобуйатын кэбирэтэр ини. Доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?

— Оннук, мин үлэм доруобуйаны харыстыыр үлэ буолбатах. Сылга биирдэ соҕуруу санаторийга баран уу иһэбин. Чехияҕа оннук эмтиир санаторийдар бааллар. Миэхэ ол көмөлөһөр курдук. Итини таһынан, күһүн-саас соруйан сатыы сылдьан бултуубун. Доруобуйабар олус туһалаах.

Дьоллоох Дьокуускай

— Мин 1998 сыллаахха СГУ-га үөрэнэ киирбитим. Айдааннаах-куйдааннаах ырыынактарга сылдьан, болуоссакка охсуһуулары көрөн баран, “тоҕо бу куораты “Дьоллоох Дьокуускай” диэбит буоллахтарай?” диэн сөҕө, куттана санаабытым. Куораппыт билигин урукку буолбатах. Эн “Дьоллоох Дьокуускай” диэни хайдах өйдүүгүн?

— “Дьоллоох Дьокуускай” диэн өйдөбүл уруккуттан баар. Сахалар мустар сирдэрэ. Манна наадаларын толунан, туох эрэ саҥаны көрөн улуустарыгар төннөллөрө. Омсолоох көстүүнү киһи түргэнник умнар, дьиэлэригэр тиийэн биһирэбиллээҕи эрэ өйдөөн хаалбыттарын кэпсииллэр. Дьокуускайы кытта сахалар эрэли, кэскили эрэ сибээстииллэр. Ол иһин “Дьоллоох Дьокуускай” диэн ааттыыллар диибин.

Оттон олохтоохтору этэр буоллахха, кэлин куоракка үгүс киһи дьиэтигэр курдук сыһыаннаһар буолла. Бөҕү ыспаттар, дьоҥҥо эйэҕэстэр. Урут дьон “дьиэбит” диэн кыбартыыра иһин эрэ ааттыыр этилэр. Дьиэ тэлгэһэтэ, подъезд аахсыллыбаттара. Билигин дьон подъеһын, тэлгэһэтин иһин тупсарар, көрөр-харайар. Мин онтон олус үөрэбин, дьон толкуйугар уларытыы киллэрбиппититтэн астынабын.

Хотугу сир туһунан

— Хоту диэки хайыһыахха, эн Өлөөн улууһун дьокутаатынан 5 сыл устата үлэлээбиттээххин, өлөөннөрү кытта билигин сибээскин тутаҕын дуо? Хотугу сир оҕото — дьиҥнээх айылҕа оҕото, кини дьалхааннаах киин куоракка оннун булара, киин улуус оҕолорунааҕар, арыый уустук. Киин куоракка ханнык үлэ барыахтааҕый?    

— Өлөөннөрү кытта билсэбин, өрүү төлөпүөннүүллэр. Туох эмэ наадалаах буол­лахтарына көмөлөһөбүн. Улуус тойотторун эрэ буолбатах, табаһыттары, булчуттары үгүстэрин кытта билсэбин.

Чахчы, хотулар олус чараас эйгэлээх­тэр, ыраас дууһалаахтар. Дьалхааннаах олоҕу тулуйбаттара, арыгы дьаатыгар кэбэҕэстик ыллараллара баар. Биһиги куоракка, оҕо саадыттан саҕалаан, кинилэр тылларын көмүскүөхтээхпит. Дьокуускайга аҕыйах ахсааннаах элбэх норуот олорор. Кылаабынайа, кинилэргэ “тепличнэй” усулуобуйаны оҥоруо суохтаахпыт. Тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан, оҕолоро кыраларыттан олоххо бэлэмнээх буола улааталларын ситиһиэхтээхпит. Дьиэни-уоту, харчыны босхо түҥэтиинэн дьарыктаммакка, биир дойдулаахтар түмсүүлэрин, общиналарын нөҥүө үлэни ыытыахпытын наада.

Утум-ситим үлэ

— 2002, 2012, 2017 сыллардааҕы дьоҥҥо иһитиннэрбит быыбар иннинээҕи бырагыраамаларгын тэҥнээн көрдөххө, барыта утум-ситим баран иһэр курдук: 2002 — бэрээдэги тупсарыыны, ОДьКХ тарыыбын муоһалааһыны өрө туппуккун, 2012 — дьон социальнай көҕүлээһиннэрэ, аһаҕас былаас, 2017 — аан дойду таһымнаах, экологичнай, өйдөөх куорат…

— Сайдан иһэр буоллахпыт. 2002 сыллаахха Богатырев уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ турбутум. 2000 сыллар саҥаларыгар дьон кыһалҕата арыый атын этэ. Урут дьиэ тиийбэт буоллаҕына, билигин дьиэ таһыгар күүлэйдиир сир наада. Сол курдук, киһи олоҕо тубустаҕын аайы олохтон көрдөбүлэ уларыйан иһэр. Билигин атын кыһалҕалар тураллар — экология, интеллектуальнай сайдыы, атын омуктары кытта күрэстэһэр кыахтаах буолуу,  куорат тас көрүҥүн тупсарыы. Мин 2012 сыллаахха эппит бырагыраамам барыта туолла. Бөҕү переработкалааһынтан ураты. Ону да федеральнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэн, табыллыбакка сылдьар. Куорат бөҕүн боппуруоһун син биир быһааран тэйиэм.

Быыл

— Куорат билиҥҥи сүрүн итэҕэһин быһыытынан тугу этиэҥ этэй?

— Итиннэ олус өр толкуйдаабытым. Сөптөөх үлэ оҥоһулунна курдук да, син биир туох эрэ тиийбэт курдук этэ. Онтум, быыллааҕа эбит. Дьокуускай почвата былыргы өрүс онно буолан, көпсөркөй, кэбэҕэстик күдээрийэр. Куорат сирин иэнин барытын (!) бүрүйдэххэ эрэ быыл сүтүөҕэ: мас олордон, газонунан сабан, аспааллаан. Мин Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин (ХНТ) 20 киһилээх Консультативнай сэбиэтин чилиэнэбин. Бу сэбиэт ыытар докумуон­нарыгар «олорорго табыгастаах эйгэ биир сүрүн ирдэбилэ — быыл суох буо­луута» диэн суруллар. Ол иһин «Быыла суох куорат» диэн бырагыраама бэлэмнии сылдьабыт.

Түмүккэ

— “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ.

— “Саха сирэ” хаһыаты өрүү ааҕабын, судаарыстыбаннай сүрүн хаһыат. Күндү ааҕааччылар, сырдык сарсыҥҥылаахпытын өрүү өйдүөхпүтүн наада. Кэскиллээх инникибитин санаатахпытына, бүгүҥҥү күммүт да чэпчиэ.

 

 Прокопий БУБЯКИН, «Саха сирэ» хаһыат, Еdersaas.ru саайт кылаабынай эрэдээктэрэ.

ЫСПЫРААПКА

Николаев Айсен Сергеевич

1972 с. Ленинградка төрөөбүтэ.

1994 с. Москваҕа МГУ-ну уонна РФ бырабыыталыстыбатын Норуот хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрбитэ.

1994 с. “САПИ” корпорацияҕа үлэлии киирэр.

1995 с. — “САПИ” вице-президенэ

1997 с. — Өлөөннөөҕү биир мандааттаах уокуруктан Ил Түмэн дьокутаата

1998-2004 с. — “Алмаасэргиэнбаан” салайааччыта

2002 с. — Дьокуускай Богатырев уокуругуттан Ил Түмэн дьокутаата

2004-2007 с. — СӨ үбүн миниистирэ

2007-2011 с. — СӨ бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы.

2011-2012 с. — СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.

2012 сылтан – Дьокуускай баһылыга.

СЭМСЭ ТЫЛ

Павел Харитонов, Дьокуускайга 1961 сылтан олорор, тыыл, үлэ бэтэрээнэ:

— Күүскэ үлэлии сылдьар киһи, күөгэйэр күнэ. Биһиги дьиэ кэргэн кинини олус астынабыт. Болдьообут күнүгэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тутулла турар эбийиэктэри кэрийэ сылдьан көрөрүн сөбүлүүбүн. Хайысхаларга эппиэттээҕинэн туруортаабыт дьонун кытаанахтык сатаан хонтуруоллуур дьоҕурдаах. Мэр дуоһунаһа ыарахан, киһи эрэ кыайбат үлэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0