Усунуоһу төлөөбөттөр ночоокко тэбиллиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Хас да сыллааҕыта Россияҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннүүр пуонда тэриллэн, олорор дьиэ уонна коммунальнай өҥөлөр төлөбүрдэрин квитанциятыгар эбии строка эбиллэн, ый ахсын аҕыйаҕа суох үбү-харчыны онно төлүү олоробут. Сорохтор күн бүгүнүгэр диэри хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлөөбөккө олороллор.

Дойду үрдүнэн олорор дьиэ тутуута тэтимнээхтик ыытыллар эрээри, ааспыт үйэҕэ тутуллубут «хрущевкалар», КПД-лар итиэннэ мас дьиэлэр лаппа эргэрэн, сорохтор саахалланар туруктаахтар. Дьокуускай куорат Ленин проспегын 27-тэ нүөмэригэр баар 1957 сыллаахха тутуллубут биэс мэндиэмэннээх дьиэ, икки сыл анараа өттүгэр суулла сыһан, олохтоохтору суһаллык эвакуациялаабыттара. Бу дьиэ 60-ча сылы быһа «сулууспалаахтаабыта». Баҕар, өрөмүөн, саҥардыы үлэтэ кэмиттэн-кэмигэр ыытыллыбыта буоллар, баҕар үйэтин моҥуо этэ.

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар 200-тан тахса хаарбах туруктаах дьиэ баар. Бу дьиэлэр чугастааҕы сылларга көтүрүллэр эбит буоллахтарына, 20 – 30-ча «саастаах» тутуулары саҥардар, өрөмүөннүүр кэм тирээн кэллэ.

Хапытаалынай өрөмүөн иһин усунуос кээмэйэ быйылгыттан үрдээн мас дьиэҕэ 1 кв миэтэрэтэ 3 солк. 60 харчыга, оттон лиибэ суох таас дьиэҕэ 6 солк., лиифтээх таас дьиэҕэ 8 солк. диэри үрдээтэ. Былырыын бу суума арыый атын этэ. Холобур, мас дьиэҕэ 1 кв миэтэрэтэ 3 солк., оттон таас дьиэҕэ 3 солк. 50 харчы этэ. Онон, Дьокуускай куоракка 112 сериялаах 63 кв миэтэрэ иэннээх кыбартыыраҕа олорооччулар ыйга 220,5 солк., оттон 2 хостоох 50 кв миэтэрэ иэннээх КПД дьиэлээхтэр ыйга 175 солк. төлүүллэрэ.

Оттон анал категорияҕа киирсэр (1-2 группалаах инбэлиит дьон, оҕолор) дьон 2016 сыл тохсунньу 1 күнүттэн усунуос төлөбүрүттэн босхоноллорун туһунан федеральнай сокуон тахсыбыта. Бу уларыйыы РФ олорор дьиэ кодексатыгар уонна социальнай көмүскэл сокуонугар киллэрилиннэ. Маны таһынан федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, 80-тан үөһээ саастаах соҕотоҕун олорор дьон босхолоноллор. Итини тэҥэ, 70-тан үөһэ саастаах дьон, 1-2 группалаах инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолор усунуос 50 %-нын эрэ төлүүр бырааптаахтар. Аҥарын «Агентство субсидията» ГКУ боруостуур.

Өскөтүн усунуоһу үс ыйтан ордук төлөөбөккө сылдьааччылар сууттаныахтарын сөп. Ол курдук иэстээх дьону региональнай оператор суукка дьыала түһэрэр бырааптаах.

Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы Татьяна Шигапова суукка тириэрдибэккэ эрэ иэһи-күүһү төлүүрү сүбэлиир. «Суут нөҥүө төлөөтөххүтүнэ ордук ночоотуруоххут. Пеня таһынан, өссө судаарыстыбаннай пошлина харчытын төлүүргүтүгэр тиийэҕит», – диэн эбэн эттэ.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0