Усуйаанаҕа сааскы хараал саҕаланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уһун, тымныы кыһын намыраан, сандал сааһы кытары табаһыттар биир суол эппиэттээх үлэлэрэ – сааскы хараал үлэтэ үүннэ.

edersaas.ru


Кыстаабыт сирдэриттэн ыраах маршруттарынан барыахтарын иннинэ, табаһыттар баччаларга табаларын ааҕар, наардыыр идэлээхтэр. Ону кытары даҕаспытынан нэһилиэктээҕи бэтэринээринэй учаастак бэтэринээрдэрэ тиийэннэр, ыстаада табаларын көрөллөр-истэллэр, эмтиир-сэрэтэр үлэни ыыталлар, хаан анаалыһын ылаллар.

Оттон хаһаайыстыбалар исписэлиистэрэ чуолаан бу кэмҥэ ыстаадаҕа тиийэннэр, табаһыттары кытары сирэй көрсөн, зоотехническэй дьаһаллары тэрийэллэр, араас хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаараллар. Онон бу кылгас кэм иһигэр бэрт элбэх үлэни оҥорор ирдэнэр. Ол иһин биир идэлээхтэригэр атын нэһилиэктэртэн уонна улуустан бэтэринээрдэр тиийэн көмөлөһөллөр.

Усуйаана улууһугар хараал үлэтэ былаан быһыытынан саҕаланна. Бу күннэргэ «Таба-Яна» кэпэрэтиип ыстаадаларыгар таба ааҕыытын уонна табаны арааран наардааһын үгэнэ. Улуустааҕы бэтэринээринэй управление бэтэринээр быраастара Осоедов Геннадий уонна Белолюбскай Гаврил ииримтийиини утары укуолу биэрэллэр итиэннэ бруцеллеһу чинчийэллэр. Хараал улуус хаһаайыстыбаларыгар бу ый бүтүөр диэри ыытыллыаҕа.

Раиса СИБИРЯКОВА, Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0