Усуйаанаҕа геологическэй чинчийиилэр барыахтара

Бөлөххө киир:

Усуйаана улууһугар дьоҕус кыамталаах атомнай станция тутуллуоҕа. Бу станция Уус Куйга, Казачье, Депутатскай бөһүөлэктэрин таһынан, бырамыысыланнай эбийиэктэри уотунан хааччыйыаҕа. Улуус баһылыга Георгий Федоров бэлиэтииринэн, быйылгыттан саҕаланыахтаах улахан чинчийиилэр улуус сайдыытыгар ураты суолталаахтар.

Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арктика, хотугу дойду сайдыытыгар ыыппыт мунньаҕар манна сыһыаннаах бырайыактар тохтуо суохтаахтарын, салгыы сайдан баран иһиэхтээхтэрин туһунан эппитэ.

Усуйаанаҕа дьоҕус кыамталаах атомнай станция тутуутун бырайыага оҥоһулла сылдьар. Быйылгыттан саҕалаан биһиги улууспутугар улахан геологическай чинчийиилэр барыахтаахтар. Көмүс баайдаах сиргэ Күчүскэ, Дьааҥы кыраныыссатын таһыгар чинчийиилэр буолуохтара. Ону сэргэ кэнэҕэскитин Депутатскайдааҕы үрүҥ көмүс, хорҕолдьун баайдаах сиргэ эмиэ чинчийии барыахтаах. Бу эбийиэктэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытары ситимнээхтэр. Тутуллуохтаах станциябыт бөһүөлэктэри таһынан бырамыысыланнай эбийиэктэри уотунан хааччыйыахтаах, – диэн иһитиннэрэр улуус баһылыга Георгий Николаевич.

Георгий Федоров бэрэсидьиэн ыыппыт мунньаҕыттан өссө Хоту таһаҕаһы таһыы туһунан сокуон бырайыага оҥоһуллан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киирэн эрэрин биһирии истибитин биллэрэр. Бу докумуон хас биирдии хотугу улууска кэтэһиилээх сокуонунан буолар.

Бу сокуон тахсыытын Арассыыйа хотугу оройуоннара бары да кэтэспит буолуохтаахтар. Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн федерация таһымыгар туһааннаах сокуон ылынылла илик. Онон сокуон Арктика сайдыытыгар ылар оруола улахан. Мин санаабар, бу сокуон тус сыаллаах кирэдьиити биэрээһиҥҥэ, таһаҕаһы таһыы кыттыылаахтара бары биир ситимнээхтик үлэлииллэригэр, о.д.а. улахан туһалаах буолуоҕа. Владимир Владимирович Арктика, хотугу дойду арҕааҥҥы дойдулар киллэрбит араас хааччахтарыгар хаарыйтарыа суохтаах, манна туһуламмыт бырайыактар бары олоххо киириэхтээхтэр диэн бэлиэтээн эппитэ. Онон сиэттэрэн эттэхпинэ, Усуйаана улууһугар былааннаммыт улахан бырайыактарбыт олоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбин. Уонна, түгэнинэн туһанан, улууһум, өрөспүүбүлүкэм олохтоохторун 100 сыллаах үбүлүөйбүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Биһиги дойдубут Арассыыйаҕа экэниэмикэтин биир тэҥник сайыннаран иһэр эрэгийиэн быһыытынан биллэр. Баараҕай бырамыысыланнай тутуулартан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар тиийэ улахан тутуулар ыытыллаллар. Култуурабыт, үгэспит, тылбыт-өспүт барыта тэҥҥэ сайдан иһэр, – диэн бэлиэтиир кини.

Айсен Николаев Хоту таһаҕаһы тиэйиигэ санааларын үллэһиннэ

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0