Устуоруйа: Киччэй ойоҕо Даарыйа ыһыаҕа

Ааптар: 
21.06.2021
Бөлөххө киир:

Биһиги нэһилиэккэ быыбарынай диэн Киччэйи талан анаабыттара. Киччэй онон Быыбарынай диэн хос ааттааҕа.  Ойоҕо Даарыйа диэн этэ. 

Даарыйа бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр этэ:  Муостук, Атыас Микиитэ, Моохос. Даарыйа төрөппүт оҕото суоҕа. Иитийэх оҕолоро: Саахтый кыыһа – Дьаарбаҥ уола Тиихэнэп Киргиэлэй кэргэнэ уонна Ньаммаа улахан уола Адаах Бүөтүр диэн.

Даарыйа элбэх саҥалаах, сытыы-хотуу, үҥкүү тылын этээчи этэ. Эдэр эрдэҕиттэн. Киччэй аҕыйах саҥалаах, кэргэнин Даарыйаны бас-көс гына үөрэппит киһи этэ. Онон Даарыйа салалтатынан туспа нэһилиэк буолан, Быыбарынай нэһилиэк баһа-көһө буолбутун үөрүүлээх кэминэн сибэстээн, Ходуһалаах хоту баһыгар Ыстаары диэн хонууга Аар баҕаҕы туруорбуттара. Ол  1904 сыллаахха этэ. Ону ыһыаҕынан ситэрэн-хоторон, суон сурахтаах улахан ыһыаҕы тэрийбиттэрэ.

Даарыйалаах нэһиилэ саастарын тухары орто баайы аннынан кыанан аҕай олорбут ыаллар. Онон чугастааҕы ыалларыттан төрөөбүт чычаас биэлэри ылан, моһуйан, сыһытан, ыыллара.

Даарыйа олус убаастабыллаах, аптарытыаттаах дьахтар этэ. Саас аайы ыһыаҕын тэрийэригэр доҕор-атас ыалларыгар саалыр чычаас атыгар улахан бэрэмэдэй ыырдаан, кымыс, алаадьы арыытын, ыһыах көмөлтөтө диэн көрдөөн ылан мунньара. Онно таарыйа ыһыаҕар ыҥыртыыра.

Ыһыаҕын бэрт эрдэттэн тэрийэрэ уонна сураҕырдара. Сиэйэ аатырбыт атыыһыта Андреев Савва Емельяновичтан көрдөһөн, курупчаакы, сэлиэһинэй, чэй ылан, ыһыаҕын дьонун, хоноһолорун аһаталыыра. Үҥкүү тыла этээччилэри эрдэттэн ыҥыртаан, аһатан-сиэтэн ыалдьыттыыра.

Кымыс иһэрдэр түһүлгэригэр элбэх этээччилэри этитэн, ол иһигэр бэйэтэ хаамыы үҥкүүнэн түһүлгэлээн, үҥкүүлээн күөгэтэллэрэ. Онно туох баар киһи барытын кэриэтэ киирэлллэрэ. Ону көрөн иһэн, эмээхсин түһүлгэ иһигэр киирэ охсон, олоруҥ диэн, илиитин аллара охсон, хамаанда биэрэрэ. Онуоха түһүлгэ дьоно аймаммакка олорон налыс гына түһэллэрэ. Ол туран, Даарыйа үҥкүү тыла этээччилэри, бөҕөстөрү  ыҥыртаан, түһүлгэлээн, олорбут дьон ортотугар туһунан хос олордоро.

Дьэ, онтон салгыы бөҕөстөр тусталлара, атах оонньуута саҕаланара. Күнү быһа, ситимин быспакка, үҥкүүлэн күөгэтэллэрэ.

Урукку соҕус сүһүөх дьонтон атын сиртэн Таҕа уола Ырдьаҥ Дьаакап, Саах Уйбаан уола Ньыппаахаан Өндүрэй, Ноомус уола Дьөгүөр Мохордооноп, хойукку сүһүөхтэн Таҕыр уола Анисимов Николай (Чаҕылыыс), Сиэдэрэй Силиппиэн (Милэкэ киһитэ) уонна Саха АССР деятэлэ буолбут Сергей Афанасьевич Зверев кэлэллэрэ.

 Даарыйа  салайан, тэрийэн, тыһыынчанан дьону-норуоту түмэн,  сүргэлэрин көтөҕөн, көрүлэтэн, норуот култууратын өр сылларга дьаныардаахтык оонньоппут эмээхсин буолар.

Билбэт дьон этэллэрэ:  баай эмээхсин, баайа баппакка, ыһыаҕы тэрийбит диэн. Дьиҥэр оннук буолбатах. Кини дьадаҥы кэккэтигэр киирэр эмээхсин. 1900 сыл анараа өттүттэн 1941 сыллаах сайыныгар диэри ыһыаҕы сыллата ыспыта. Ол эбэтэр Аҕа дойду сэриитэ буолар сааһыгар саамай бүтэһик ыһыаҕын оонньоппута. Бүтэһик ыһыаҕар  бэрт элбэх киһи мустан, саҥа түөлбэ күөл саҕа түһүлгэни төрүттээн, көрү-нары күөнүттэн ылсыһан, көмүс күөмэйдээхтэр күөгэлдьитэн эрдэхтэринэ, Сунтаар оройуонуттан Муччурууков диэн инструктор киһи тахсан: “Сэрии буолла. Ньиэмэстэр саба түстүлэр. Ыһыах, көр-нар бобуллар. Онон эһиги ыһыаххыт бобуллар. Тарҕаһыҥ ”, — диэбитэ.

Онон, көрдөһөн көрөн баран, тарҕаспыппыт.

Онон Даарыйа эмээхсин үйэ аҥаарын кэриҥэ норуоту оонньоппута олус умнуллубат күндү кэрэ эбит.

Ыһыахха ыҥырыы!

Аҕыс иилээх саҕалаах

Атааннаах мөҥүөннээх

Айгыр силик

Аан ийэ дойду

Айылгылаах аралы далбарыгар

Алта гыммыт бииригэр

Арассыыйам сиригэр

Албан ааттаах

Советскай былаас тэриллибитэ

Алта уон сыла туолуутугар

Аналлаах

Ача күөх от олбохтоох

Аҕыс хос

Алтан чэчир аартыктаах

Аалай сэргэ аргыстаах

Алта садарахтаах

Аҕыс кырыылаах

Ат бастаах

Аар баҕаҕы анньыаҕыҥ доҕоттоор!

Урукку үйэлэртэн

Урааҥхай саха удьуора

Омоҕойтон утумнаах

Үһүөйэх мас уруйдаах

Оһуордаах айах ымыйа

Тускуллаах

Уостубат уйгулаах

Умнуллубат төлкөлөөх

Орто курдуу саҕа

Оһуор дьэрэкээн уобарастаах

Оһоокой алгыстаах

Оонньуубутун олохтуоҕуҥ доҕоттоор!

Көҕүөрүнэн үүттээх

Көҥү түспүт истээх

Көнтөһүнэн көҕүллээх

Күбэй хотун биэбитии

Күрүөҕэ күөйэммит

Күөх унаар түптэни

Күөдьүтэн

Көйөрбө кымыһы  иитиэҕиҥ доҕоттоор!

Тутум солко киистэлээх

Туорум көмүс туоһахталаах

Дуоҕалаах кутуруктаах

Тунаах маҥан кулуну

Тоҕус хараҕалаах

Түүлээх тоҕой сэлэҕэ

Тоҕуоруччу иилиэҕиҥ доҕоттоор!

Үрүҥ илгэ садарыннаах

Үөрүү көтүү аргыстаах

Юбилейдаах ыһыаҕы тэрийэн

Быыдара быччыҥнааҕы

Быһый атахтааҕы

Күөрүллүбүт куоластааҕы

Кутуллубут хоһооннооҕу

Холбуу тардан оонньотуоҕуҥ доҕоттоор!

Эһээкэйбин эһээкэй,

Оһоокойбун оһоокой!

Сунтаар Түбэй Дьаарханын кырдьаҕаһа М.П. Егоров суруйуутуттан

Ыам ыйын 30 күнэ, 1977 с. Үөһээ Бүлүү, Нам сэл.

Архыыптан бэлэмнээтэ Анетта Егорова

Хаартыска https://sakhaday.ru/news/ysyah-prazdnik-kotoryj-vsegda-so-mnoj

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0