«Устуоруйаҕа хаалар күн» диэн Ил Дархан социальнай ситимҥэ суруйбут

Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Инстаграм социальнай ситимигэр, бэйэтин страницатыгар «Бүгүн устуоруйаҕа хаалар күн буолла. Ол курдук Өлүөнэ муостатын дьылҕатын быһаарар суолталаах күн» диэбит . 

«Сбербаан » ПАО муостаны оҥорууну үбүлүүр  партнер быһыытынан анаммытын сырдаппыт. Олунньу ыйгаРостех Госкорпорация уонна » ВИС» бөлөх бырайыак коцессионнай сөбүлэҥин түһэрсибиттэрэ.  «Өлүөнэ муостата — бу  Саха сирин  эрэ инникитэ буолбакка, бүтүн дойду сайдыытын инникитэ буолар. Бырамыысыланнас уонна экэниэмикэ сайдыытыгар муоста тутуллуута олук ууруоҕа. Тырааныспар ноҕуруускатын аччааһынын  суотугар саҥа инвестиционнай бырайыактар олоххо киириэхтэрэ. Билиҥҥи туругунан бырайыак докумуонун бастакы түһүмэҕэ Госэспэртиисэҕэ көрүллэ сылдьар. Бу түһүмэх тутууга бэлэмнэнии уонна 2021 сыл үлэ саҕаланарын мэктиэтэ буолуоҕа» диэбит.

«Сбербаан» ПАУо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Греф Саха сиригэр бүгүн бэлиэ күн буолла диэбит.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0