Устудьуоннар ыраах олорон үөрэннилэр

Бөлөххө киир:

Муус устар 6 күнүттэн, бэнидиэнньиктэн, суһал эрэсииминэн харантыын кэнниттэн дьиэҕэ олорон үөрэх саҕаланна.

  1. Кылгас кэм иһигэр учууталлар интэриниэт ситимин нөҥүө үөрэх араас көрүҥүн боруобалаан, устудьуоннарга сөптөөх тирэҕи буларга үлэлэстилэр. Култуура уонна ускуустуба Арктикатааҕы института (АГИКИ) айар үлэһиттэри бэлэмниир. Ол иһин дьону кытта алтыспакка артыыстары, үҥкүүһүттэри, уруһуйдьуттары иитэрэ уустук. Кинилэргэ тыынаах эйгэ наада. Ол да буоллар, бу үөрэх кыһатын бибилэтиэкэрдэри бэлэмниир хаапыдыратын устудьуоннара биир бастакынан skype нөҥүө үөрэннилэр. Оннооҕор олус эппиэттээх түмүктүүр үлэлэрин  туттардылар. РНА Сибиирдээҕи отделениетын научнай-техническэй  бибилэтиэкэтин наукаҕа, чинчийэр үлэҕэ педагогическэй наука сэбиэдэссэйэ Елена Артемьева оҕолор үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата. Бэлиэтээн этэр буоллахха, 2016 сылтан институт бэйэтин сиэрбэригэр устудьуоннарга уонна учууталларга аналлаах moodle  виртуальнай институт үлэтин саҕалаабыта. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бу ситимҥэ араас үөрэх кыһаларын устудьуоннара үлэлии олороллор. Ону сэргэ, дойдуларыгар барбакка хаалбыт уопсайга олорор устудьуоннарга 8 миэстэлээх Wi FI ситимнээх анал көмпүүтэр хоһо тэриллибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ институт устудьуоннара онлайн  киирэн үөрэнэн эрэллэр.

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0