Устудьуоннар тутуу хайысхатыгар ситиһиилэннилэр

Ааптар: 
30.04.2021
Бөлөххө киир:
Уһук Илиҥҥи федеральнай университекка ыытыллыбыт  норуоттар икки ардыларынааҕы илиҥҥи инженернэй-строительнай пуорумҥа устудьуоннар түмүктүүр квалификационнай үлэлэрин күрэхтэһиитэ буолан ааста.
Бу пуорумҥа Уһук Илиҥҥи тоҕус үрдүк үөрэх кыһата, ол иһигэр М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет  инженернэй-тиэхиниичэскэй института кыттыыны ылла. Түмүктүүр квалификационнай үлэ күрэхтэһиитигэр бастакы миэстэни икки үлэ, иккис миэстэни түөрт үлэ ылбытын ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

ХИФУ ИТИ бастакы кууруһун аспирана Артем Федоров магистерскай диссертацията «Теплогазоснабжение уонна вентиляция» анал ааты ылла. Кини научнай үлэтэ  Уһук Хоту усулуобуйатыгар 40 кВт диэри кыра кыамталаах  автономнай теплогенератордары чинчийиигэ туһуланар. ««Liepsnele»диэн чааһынай дьиэлэргэ туттуллар уһуннук умайар кытаанах оттук хочуолун үөрэппитим.  Практика көрдөрөрүнэн, омук сиригэр уонна бэйэбит дойдубутугар даҕаны оҥоһуллубут сылааһы биэрэр генератордар таһырдьааҥҥы намыһах температураҕа үлэлииргэ анамматахтар. Итиини биэрии намтааһынын  сүрүн биричиинэтинэн буруону таһаарар систиэмэ мөлтөхтүк үлэлиириттэн тахсар. Таһырдьааҥҥы температура -40 кыраадыстан намтаата даҕаны салгын коэффициенэ үрдүүрүн кытта сибээстээх», — диэн аспирант быһаарар.

Бу матырыйаал котлоагрегаттары, буруону таһаарар систиэмэлэри  бырайыактаан, оҥорон таһаарарга туһаныллыан сөптөөх. Ону сэргэ уһуннук умайар хочуоллары туһаныыга энергияны харыстыырга  уонна туһалаах дьайыы коэффициенын үрдэтиигэ саҥа оҥоһуктары киллэриигэ туһуланар.

Оҥоһуллубут чинчийиилэр түмүктэрэ  Scopus, WoS курдук научнай үлэлэр  норуоттар икки ардыларынааҕы базаларыгар бэчээттэммиттэр. Гаас буруотун хамсааһына салгын  аһары барар коэффициенгар хайдах уларыйарын билэр сыаллаах таһырдьааҥҥы температура араас халбаҥнааһыннарын дааннайдарын хомуйар улахан үлэ барыаҕа. Ол дааннайдарга олоҕуран сервоприводтаах салгын аһары барар коэффициенын салайар оҥоһугу айары былаанныыбыт. Оҥоһукпут оттук температуратын уһун кэм устата биир тэҥник тутуоҕа, эбэтэр оттук умайар эрэсиимин бырагырааманан уларытан салайар буолуоҕа. Ол көмөтүнэн кытаанах оттук биллэрдик кэмчилэнэн, оһох туһалаах үлэтэ уһаан биэриэҕэ», — диир Артем Федоров.

«Геотехнология» анал аат бастыҥ үлэтинэн ИТИ выпускнига  Вячеслав Габышев  «Криолитозона усулуобуйатыгар сөрүүкэтэр оҥоһуулаах буурунан саайыллыбыт сыбаайалары туһаныы көдьүүстээҕин дакаастааһын» диэн тиэмэҕэ суруйбут магистерскай диссертацията ааттанна.  Бу чинчийии тутуу эйгэтигэр туһалаах.  «Мин сир кырыһыгар температура эрэсиимэ хайдах үөскүүрүн үөрэппитим. Атахха бетону кутуу кэмигэр, кутуллубут бетон кытаатар кэмигэр уонна бетону тымныынан сойутуу кэмигэр, ол эбэтэр акылаат түһүөхтээх сирин температурата төһө кэминэн чөлүгэр түһэрин чинчийбитим», — диэн Геотехнология научнай внедрическэй киинин үлэһитэ кэпсиир.

Магистерскай диссертация түмүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференцияҕа кыттыбыт, ону сэргэ «Геотехнология» научнай внедрическэй киин Дьокуускай куорат 72 түөлбэтигэр тутуллубут элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуутугар туһаммыт.

«Тутуу матырыйаалларын, оҥоһуктарын уонна конструкцияларын оҥорон таһаарыы уонна туһаныы» диэн анал аакка иккис миэстэни «Буор суолу анал эбилигинэн бигэтитии» диэн Эльдар Ульрих магистерскай үлэтэ  ылла. Тамара Горохова, Николай Скрыбыкин, Арсений Хастаев үөрэхтэрин түмүктүүр үлэлэрэ араас анал ааттарга  иккис миэстэ буоллулар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0