Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Бэрдьигэстээххэ, Маҕараска үлэлииллэр
10.06.2021
Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэниигэ кытталлар.
Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ уонна Маҕараска устудьуоннар тутар этэрээттэрин 40 байыаһа сири-уоту тупсарыы үлэтигэр ылыстылар. Маны сэргэ, успуорт национальнай көрүҥнэригэр спартакиадаҕа волонтердар көмөлөһүөхтэрэ. Кинилэр бары 100% коронавирус утары быһыыны ылбыт буолуохтара. Бу туһунан СИА СӨ Ыччат миниистирин бастакы солбуйааччы Александр Сусоев иһитиннэрдэ.
«Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ үлэлэрин бэс ыйын 7 күнүттэн саҕалаатылар. Кинилэр сүрүннээн Бэрдьигэстээххэ уонна Маҕараска үлэлииллэр. Ый устатыгар хаарбах тутуулары көтүрүүнэн, күрүөнү-хаһааны тутуунан, кыраасканан, кыргыттар үүнээйини олордуунан дьарыктаныахтара. Далааһыннаах тэрээһин буолаары турдаҕына маннык улахан күүс эбии кэлбититтэн улуус дьаһалтата үөрэр«, — диэн иһитиннэрэр Александр Сусоев.
Министиэристибэ хамыыһыйата бэс ыйын 8 күнүгэр устудьуоннар тутар этэрээттэрэ олорор дьиэтин-уотун көрбүт, аһылыктарын тэрийиини бэрэбиэркэлээбит уонна ирдэбилгэ барыта эппиэттиир диэн түмүктээбит.
«Манчаары оонньууларыгар» сүүс бырыһыан быһыыны ылбыт, сокуоннай саастарын сиппит 175 волонтер кыттар. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан — 30, дойду эрэгийиэннэриттэн — 20 киһи кыттар, көмөлөһөр баҕалаахтарын биллэрбиттэр. Москваҕа сүүмэрдээһин номнуо бүтэн эрэр, онтон атыттара — үөрэх кыһатын устудьуоннара, олохтоох ыччат. Кинилэри «Манчаары оонньууларыгар» бары хайысхаларга көмөлөһүннэриэхтэрэ, бука барыларыгар аһылыктара, экипировкалара көрүллэр, атын сиртэн кэлээччилэр олорор сиринэн хааччыллаллар.
Санатан эттэххэ, успуорт национальнай көрүҥнэригэр XXI төгүлүн ыытыллар спартакиада от ыйын 6-11 күннэригэр Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ ыытыллар.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1