Дьокуускайга 16-с №-дээх «Золотинка» оҕо саадыгар үөрүүлээх күн буолла. «Автокуорат» — суолга сэрэхтээхтик сылдьарга кырачааннары үөрэтэргэ аналлаах былаһаакка үөрүүлээхтик арылынна. Былаһаакканы тутууну «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак өйөөтө диэн Дьокуускай куорат уопсастыбаннаһы уонна иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай сириэстибэлэри кытары үлэҕэ Департаменыттан иһитиннэрэллэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Мария Окунева, Киин уокурук управлениетын салайар Матвей Торговкин, суолга куттал суох буолуутун иниспиэктэрэ Владимир Ощепков, ХИФУ Автодорожнай факультетын декана Дмитрий Филиппов, преподавателлэр, устудьуоннар кытыннылар. Бырайыагы көҕүлээбит төрөппүттэр, сүрүн куратор Галина Глотова, оҕо саадын кэлэктиибэ, кырачаан оҕолор бу үөрүүнү үксэттилэр.
Матвей Торговкин: «Бырайыагы олоххо киллэрэргэ көҕүлээн сүүрбүт-көппүт, кыһамньыларын уурбут төрөппүттэргэ, былаһаакканы туппут устудьуоннарга махтанабын. Улахан кэскиллээх, туһалаах былаһааккаламмыккытынан эҕэрдэлиибин«, — диэтэ. Салгыы Дмитрий Филиппов: «Үлэ хардыытын хонтуруоллаабыппыт. Былаһаакка олус туһалаах буолуоҕар эрэнэбин. Оҕолору суол быраабылатыгар үөрэтэр үчүгэй бырайыак» , — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ. ХИФУ преподавателэ Семен Филиппов бу Автодорожнай факультет оҕолоругар олус бэртээхэй быраактыка буолбутун, үлэҕэ сыһыарбытын бэлиэтээтэ. Оттон төрөппүттэр: «Норуот бүддьүөтэ» бырайыак баар буолбутугар Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар махтанабыт. Бу бырайыак дьон-сэргэ ыра санаатын толороругар, олоххо киллэрэригэр кыаҕы биэрэр. Былаһаакканы биһиги оҕолорбут дьоллоох олохтоноллорун туһугар туттардыбыт«, — диэбиттэрин бэлиэтээтилэр.
Былаһаакка сүрүн соруга — оҕолор суол быраабылатын билэ улааталларыгар, дэҥтэн-оһолтон сэрэхтээх буолалларыгар үөрэтэр. Былаһаакка аспаал бүрүөһүннээх, тротуардаах, суол бэлиэлэрдээх. Оҕо саадын салалтата кэлэр өртүгэр былаһаакканы кэҥэтэн биэрэр былааннаах.
«Биһиги саадпытыттан оскуолаҕа сыл ахсын 100-120 оҕо киирэр. Аны мантан ыла, манна оҕолорбут суол быраабылатын үөрэтэн билиэхтэрэ. Итинник үөрэтии-такайыы суолга сэрэхтээхтик сылдьарга, быһылаан тахсыбатыгар көмөлөөх буолуоҕа», — диэбит оҕо саадын сэбиэдиссэйэ.
«Суолга сэрэхтээх буолуу сүрүн быраабылаларын үөрэтэр оҕо былаһаакката» бырайыагы олоххо киллэрэргэ Галина Глотоваҕа «Норуот бүддьүөтэ» бырайыагынан 264 000 солк.суумалаах субсидия көрүллүбүт.