Устудьуоннар үлэлэрин нэһилиэктэр хайгыыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (АГАТУ) устудьуоннарын этэрээтэ үлэтин түмүктээтэ.

Устудьуоннар этэрээттэрин байыастара улуустарга үлэлээтилэр. Кинилэр үлэлиир сирдэригэр доруобуйаны харыстыыр, чэбдигирдэр миэрэлэр ылылыннылар диэн sakha.gov.ru бэлиэтиир. Уопсайынан, үөрэх кыһатыгар үс этэрээт тэриллибит. «Дьоруой ыччаттара» Мэҥэ Хаҥаласка Сыымахха, «Дьоруой Попов 100 сыла» эмиэ бу улууска Төхтүргэ, үһүс этэрээт байыастара Хаҥаласка Өктөмҥө үлэлээбиттэр.
Устудьуоннар сири-уоту күрүөлээһиҥҥэ, эбийиэктэри өрө тардыыга, дьаһалта үлэһиттэрин уонна нэһилиэк олохтоохторун кытары уу таһыма үрдүүр кэмигэр хаххалары оҥорууга үлэлээбиттэр.
Нэһилиэк олохтоохторо устудьуоннар үлэлэрин хайҕаабыттар. Оттон байыастар кэлэр да өртүгэр тыа сирин сайыннарсар туһугар үлэлэһэр, көмөлөһөр былааннаахтарын, баҕалаахтарын биллэрбиттэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0