Бүгүҥҥү быыбардааһын түмүгүнэн, ыччат мустубут куоластыыр учаастактара саамай элбэх быраһыан киһи куоластаабыт. Ол курдук, ХИФУ уопсайдара баар 784 нүөмэрдээх учаастакка 1202 куоластааччыттан 931-рэ куоластаан 77,45% ылбыт. Үрдүк көрдөрүүнү 706 нүөмэрдээх учаастакка 1379 куоластааччыттан 1065 киһи куоластаан 77,23 % ылла.
Олус аҕыйах дьон куорат кытыытыгар баар учаастактарга куоластаабыттар. 734-с нүөмэрдээх учаастакка 1429 куоластааччыттан 217 –тэ куоластаан, Дьокуускай куорат үрдүнэн саамай кыра көрдөрүү буолла.
Дьокуускай куорат 30,93 % нэһилиэнньэтэ куоластаата. Бу орто көрдөрүү буолар.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1