Устудьуоннар алтайдары сөхтөрдүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун театральнай искусствоҕа кафедратын устудьуоннара тыйаатыр артыыһа диплому эһиил сайын биирдэ илиилэригэр тутуохтара. Кинилэр ааттаах-суоллаах улахан артыыстартан итэҕэһэ суох оонньууллар диэн иһитиннэрдилэр Култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун пресс-сулууспатыттан.


Былырыын сайын Казань куоракка устудьуоннар тыйаатырдарын норуоттар икки ардыларынааҕы «Науруз-school» бэстибээллэригэр, алтынньыга Санкт-Петербург куоракка театральнай Олимпиадаҕа Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын кытары, оттон соторутааҕыта «Эпическое наследие народов Евразии в сценическом воплощении» норуоттар икки ардыларынааҕы тыйаатырдар форумнарыгар «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо-испэктээги Хайалаах Алтайга көрдөрөн улахан хайҕалы ыллылар.

Н.П.Бурнашев «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхото олоҥхо-испэктээк быһыытынан Олоҥхо тыйаатырын, култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун (художественнай салайааччы Андрей Борисов,  педагог Степанида Борисова, режиссер Мария Маркова, АГИКИ устдьуона Анастасия Алексеева инсценировката)  кыттыгас бырайыактара.

Хайалаах Алтайга былырыын П.В.Кучияк аатынан национальнай тыйаатырга режиссер Андрей Борисов А.Г.Калкин «Маадай-Кара» эпоһынан испэктээк туруорбута. Испэктээги туруорууга саха тыйаатырын исписэлиистэрэ кыттыыны ылбыттара. Маны сэргэ, Саха академическай тыйаатыра манна араас сылларга гостуруоллаабыта. Онон бу сир-дойду олохтоохторо, көрөөччүлэр тыйаатыр айар үлэтин уонна режиссер Андрей Борисовы билэллэрин сэргэ, үрдүктүк сыаналыыллар. Бу да сырыыга тыйаатыр саалата көрөөччүнэн толору буолла.

Артыыстар — институт устудьуоннара испэктээккэ бэркэ табыллан оонньоотулар, сааланы сырдыгынан, кэрэнэн, үөрүүнэн толордулар. Оттон көрөөччүлэр махталларын ахсаабат ытыстарын тыаһынан биллэрдилэр. Испэктээк кэнниттэн Андрей Борисов салайыытынан бэртээхэй маастар-кылаас ыытылынна.

Үс күннээх форумҥа тыһыынчаттан тахса киһи сырытта. Арассыыйаҕа, тас дойдуга театральнай искусство эйгэтин бастыҥ эспиэрдэрэ,  Азербайджан, Казахстан, Чехия, Башкортостан, Калмыкия, Татарстан, Тыва, Хакасия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствоҕа уонна наукаҕа диэйэтэллэрэ кытыннылар. Далааһыннаах тэрээһини  РФ култуураҕа министиэристибэтин уонна Алтай Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн Алтай Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа министиэристибэтэ тэрийдэ.

Андрей Борисов норуоттар икки ардыларынааҕы театроведческай форум Алтайга ыытыллыбыта саамай сөптөөҕүн, Арассыыйа элбэх норуоттарын култуурата Алтайтан тирэхтэммитин бэлиэтээтэ. Москваттан ыҥырыллыбыт ыалдьыт, театровед Елена Покорская эпическэй нэһилиэстибэни сыанаҕа түмэн көрдөрүү саҥа форматын көрдөөһүн туһунан санаатын үллэһиннэ. Оттон култуура уонна искусство Азербайджаннааҕы судаарыстыбаннай  университетын профессора Айдын Юнус Оглы Талыбзаде  Андрей Борисов тула эпоһы таптыыр дьон мустубуттарын бэлиэтээтэ. Казахстантан Жургенов аатынан искусство национальнай академиятын профессора Сания Кабдиева өбүгэ үгэһин, култууратын, эпоһын норуот умнубатыгар тыйаатырдар үлэлэрэ сүҥкэн оруоллааҕын ыйда. Салгыы Тыва судаарыстыбаннай университетын профессора, культурология дуоктара Айлана Кужугет Сибиир бары норуоттарын баай фольклорнай нэһилиэстибэлэрин туһунан эттэ:

«Эпоһы ааҕар уустук буолан, элбэх томнаах таһаарыылар бибилэтиэкэлэргэ тыытыллан да көрбөккө тураллар. Оттон бу Саха сирин Олоҥхотун тыйаатыра уонна да атын тыйаатырдара саҥа сценическай форманан үлэлээннэр, олоҥхону сыанаҕа таһааран оонньоон, толорон көрдөрөллөрө — бу эпическэй нэһилиэстибэни көрдөрүү, билиһиннэрии, тарҕатыы итиэннэ бу киэҥ эйгэҕэ таһаарар суол», — диэтэ.

Бу курдук улахан түһүлгэ ыалдьыттара ис санааларын аһаҕастык үллэһиннилэр, баҕа санааларын эттилэр.  Оттон институт устудьуоннара ааттаах-суоллаах эспиэрдэр иннилэригэр сыанаҕа тахсан, туһугар улахан үөрүйэҕи ыллылар.

Оттон Саха сирин олохтоохторун өссө биир ураты испэктээк күүтэр.  Институт устудьуоннара ахсынньы 6 күнүгэр «Арассыыйа — мин историям» историческай пааркаҕа «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо-испэктээги оонньоон көрдөрүөхтэрэ. Испэктээк күнүс 15.00 чаастан саҕаланар. Киириитэ 200 солкуобай. Билиэти институт 206 кабинетыттан ылыаххытын сөп. Ыйытыыларгытыгар 42-13-01 төлөпүөнүнэн эрийэн хоруйдары ылыаххыт.  Бөлөҕүнэн сылдьааччыларга чэпчэтии көрүллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0