Устудьуоннар үөрэхтэрин төлөбүрэ намтыа дуо?

Ааптар: 
26.04.2020
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ миниистирэ Валерий Фальков брифинг кэмигэр төлөөн үөрэнэр устудьуоннар төлөбүрдэрин боппуруоһугар хоруйдаата.

edersaas.ru

Дойду үрдүнэн балачча элбэх устудьуон төлөөн үөрэнэр. Ол эрээри, үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннара ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэнии хаачыстыбата тутах диэн, иккис симиэстиргэ төлөбүр сыанатын түһэрэллэригэр туруорсаллар. Маныаха миниистир: “Суолталаах ыйытыы. Ол эрээри, бары үрдүк үөрэх кыһаларыгар, бары устудьуоннарга “универсальнай” быһаарыы ылар табыллыбат. Устудьуоннар үөрэх хаачыстыбатын араастык сыаналыыллар, оттон үрдүк үөрэх кыһалара (хас даҕаны сүүһүнэн баар) үөрэх хаамыытын (процесс) арааһынайдаан ыыталлар. Үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин барыларын долгутар балаһыанньа. Күн бүгүн бу судургута суох боппуруоһу быһаарабыт. Арассыыйатааҕы ректордар сойуустарын, Арассыыйа университеттарын ассоциациятын кытта мунньахтаабыппыт. Онно устудьуоннары өйүүр боппуруос көрүллүбүтэ. Туһааннаах боппуруос сотору кэминэн быһаарыллыаҕа дии саныыбын. Туох быһаарыы ылыллыбытын хайаан даҕаны иһитиннэриэхпит”, — диэн эттэ.

Үөрэхтэрин бүтэрээри сылдьар устудьуоннар судаарыстыбаннай эксээмэннэрин хайдах туттарыахтарай, дипломнарын хайдах ылыахтарай диэн ыйытыыга: “Судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияны үөрэх ыстандаартыттан көрөн хас биирдии үрдүк үөрэх кыһата бэйэтэ олохтуур. Өскөтүн, ыстандаартара көҥүллүүр буоллаҕына, сорох кыһалар эксээмэн туттаттарбакка дипломнай үлэнэн (выпускная квалификационная работа) эрэ муҥурданыахтарын сөп. Оттон диплому туттарыы эпидемиологическай балаһыанньаттан тутулуктаах. Биллэн турар, устудьуоннар, преподавателлэр доруобуйалара инники күөҥҥэ турар”, — диэн быһаарда.

Түмүккэ миниистир аны күһүн үөрэх дьыла балаҕан ыйыттан саҕаланыаҕа, ол эрээри, университекка тиийэн дуу, ыраахтан олорон (дистанционно) дуу үөрэнэллэрэ эпидемиологическай балаһыанньа хайдаҕыттан тутулуктаах диэн эттэ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

Хаартыска: РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0