Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет медицинаҕа институтун устудьуона Максим Андреев «Будущие неврологи ХХI века» бүтүн Арассыыйатааҕы V олимпиадаҕа үһүс миэстэни ылла.
edersaas.ru
Олимпиада бастакы түһүмэҕэр 470-тан тахса устудьуон кыттыбытыттан элбэх баалы ылбыттар Арассыыйа Наукатын академиятын неврологияҕа научнай киинин түмүк тууругар кытыннылар.
Максим Андреев ситиһиилээхтик кыттан, 50 тыһыынча харчынан бириэмийэтин сэргэ неврология научнай киинин сүрүннүүр учуонайдарыттан сүҥкэн монографияны бэлэх тутта.
«Мин үөрэҕим бүтэһик сылыгар бэйэбин көрдөрөр, Арассыыйа атын дойдуларын медицинскэй кыһаларын устудьуоннарын кытары күрэстэһэр, университеппын маннык улахан таһымҥа билиһиннэрэр кыах үөскээбититтэн олус үөрэбин. Университетым преподавателларыгар уонна салалтатыгар миэхэ иҥэрбит билиилэрин иһин махтанабын», – диэтэ Максим Андреев үөрүүтүн үллэһиннэ.
ЫСПЫРААПКА:
«Будущие неврологи ХХI века» олимпиада талааннаах ыччаттары клиническэй уонна экспериментальнай неврология курдук тэтимнээхтик сайдар салааҕа кытыннарар соруктаах. Куонкурус бырагыраамата, бастатан туран, үөһээ куурус устудьуоннара неврологияны билиилэрин, дьону кытары уопсай тылы булууга дьоҕурдарын уонна уопсай билиилэрин-көрүүлэрин сыаналыыр. Кыайыылаахтар инникитин неврология научнай киинин үөрэтэр бырагыраамаларыгар чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа кыттар кыахтаналлар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru