Үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарын истипиэндьийэлэрэ үрдээтэ

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үрдүк үөрэх тэрилтэлэрэ устудьуоннар истипиэндьийэлэрин 5,9% үрдэттилэр. Ол туһунан РФ үөрэххэ, наукаҕа миниистирэ Ольга Васильева иһитиннэрдэ. Министиэристибэ дойду бары үрдүк үөрэх кыһаларын кытта сөбүлэһии түһэрсибитин түмүгэр, устудьуоннар истипиэндьийэлэрэ үрдээтэ. edersaas.ru 

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай унивеситет устудьуоннарын истипиэндьийэтэ эмиэ үрдээтэ. Балаҕан ыйын 25 күнүттэн устудьуоннар үрдээбит истипиэндьийэлэрин ылыахтара.

Күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуон бүддьүөт миэстэтигэр киирбит буоллаҕына, академическай, эбэтэр социальнай истипиэндьийэни ылар кыахтаах. Үһүс кууруска академическай истипиэндьийэ үрдүүр, ол эрээри сессиятын “үстээх” бүтэрбит устудьуон ылбат. Оттон социальнай истипиэндьийэни тулаайахтар, инбэлииттэр, о.д.а. ылаллар.

Истипиэндьийэ кээмэйин университет бэйэтэ быһаарар, ол эрээри нуорматтан кыра буолуо суохтаах. РФ бырабыыталыстыбата олохтообут нуормата: академическай истипиэндьийэ – 1340 солк., социальнай – 2010 солк.


Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка, биллэрин курдук, устудьуоннар атыттардааҕар үрдүк истипиэндьийэни ылаллар. 1-кы куурустар 3270 солк., туйгуннук үөрэнээччилэр 5750 солк. ылаллар. Үһүс кууруска туйгун үөрэнээччи 6000, төрдүскэ – 6250, бэһискэ – 6500, алтыска – 7000 солк. ылара. Оттон «4»,»5″ сыанаҕа үөрэнэр устудьуон истипиэндьийэтэ: 5450 солк., үһүс кууруска — 5700, төрүдүскэ — 5900, бэһискэ — 6200, алтыска — 6500 солк. этэ. Социальнай истипиэндьийэни ылар оҕо «4», «5» сыанаҕа үөрэнэр буоллаҕына, сууматын тиийинэн олоруу кээмэйигэр тиэрдэллэр. 


Онуоха эбии үөрэххэ, научнай-чинчийэр, уопсастыбаннай, култуурунай, спортивнай үлэҕэ көхтөөх кыттыыларын иһин үһүс куурустан үөһэ үөрэнэр устудьуоннарга үрдээбит истипиэндьийэ төлөнөр. Кээмэйэ – 11, 15, 20 тыһ. солк. Быйылгыттан бу суума өссө үрдүөҕэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0