Успуорка уһулуччу ситиһиилээх спорстменнарга ый ахсын бэриллэр төлөбүр кээмэйин улаатыннарыахтара
Саха сиригэр Олимпиада, Паралимпиада, Сурдлимпиада уонна Үтүө Дьулуур оонньууларын чөмпүйүөннэрин уонна призердарын матырыйаалынай өттүнэн хааччыйыыга төлөбүр кээмэйин улаатыннарарга СӨ Бырабыыталыстыбата Ил Түмэҥҥэ сокуон барылын бэлэмнээн киллэрдэ.
Ол курдук, сокуоҥҥа уларытыы киллэрэр барылынан төлөбүр кээмэйин үрдэтэр сыаллаах уонна Саха сирин спортсменыгар тыыннааҕын тухары ыйын ахсын матырыйаалынай хааччыйыы көрүллэрин сүрүннүүр. Сокуон барыла Ил Түмэн саайтыгар таҕыста.
Мантан инньэ кылаан чөмпүйүөннэргэ 100000 солк., үрүҥ көмүс призердарыгар 75000 солк., үрүҥ боруонса призердарыгар 50000 солк. суума харчы ый ахсын ыытыллыаҕа.
Бу төлөбүрү анатарга спортсментан Саха сиригэр 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбутун бигэргэтэр докумуоннар ирдэниэхтэрэ. Ону кытта тыыннааҕын тухары матырыйаалынай өттүнэн ый ахсын төлөбүр кырдьыкка сөп түбэспэтэҕинэ уонна олоҕо суох чахчыларга олоҕуран анаммыта быһаарылыннаҕына тохтотуллар. Оттон тыыннааҕын тухары матырыйаалынай өттүнэн хааччыйарга ый ахсын төлөнүллүөхтээх төлөбүр гражданин үрдүк аата чөлгө түһэрилиннэҕинэ сөргүтүллэр. Сокуон барыла ылылыннаҕына, бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэҕэ киирбитинэн учуоттанан, кэнники ыйдарга перерасчет ааҕыллыаҕа.
Санаттахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин дьаһалынан сэттис (уочараттаах) пленарнай мунньаҕа Дьокуускай куоракка бэс ыйын 18-19 күннэригэр олохтоох бириэмэнэн 10 чааска ыытыллыаҕа.