Уруум таптала

Ааптар:  Наталия Рязанская
22.10.2023
Бөлөххө киир:

Маришка бүгүн тоҕо эрэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ уһугунна.

Бүгүн баскыһыанньа. Аанчык турар санаата суох быһыылаах, муннун тыаһа — муораҕа. Кыыс ону-маны санаан, эргитэ толкуйдуу сытта. Ийэтэ эмиэ сүһүөҕүн ыарыыта бэргээбит. Тоҕо киниттэн куруук ыалдьарын кистиирэ эбитэ буолла… Долгуйбатын диэн дуо? Ийэм барахсаҥҥа тугунан эмэ көмөлөспүт киһи. Убайа Павлик бүгүн уопсайга кэлэ сылдьара дуу? Соҕотох инбэлиит ийэҕэ икки устудьуон оҕону иитэр, таҥыннарар уустук буоллаҕа. Саатар Павлик да киһи бөҕө ээ. Куруук кини кыһалҕата. Үнүрүүн эмиэ милииссийэҕэ хонон тахсыбыт этэ. Саатар онтукатын киһиргэс оҥостон кэпсиирэ, эчи куһаҕанын, киһи да кыбыстар. Ити Аанчык убайа Чаҕыл үчүгэй да уол. Эчи, аата даҕаны үчүгэйэ. Кини курдук убайдаммыт киһи. Аанчыктыын, бииргэ төрөөбүт дьон диэтэххэ, төрүт атыттар. Дьүһүннэринэн да, майгыларынан да. Чаҕыл сахаҕа уһун, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, хойуу хаастаах, кыламаннаах, киэҥ харахтаах кыаһаан уол. Хайдах эрэ олус ис киирбэх, саҥата-иҥэтэ да оттомноох. Оттон Аанчык кыра, хара, мэник кыыс. Чаҕыл манна Дьокуускайга үөрэнэрэ эбитэ буоллар, баҕар, билсиэ этилэр… Ээ чэ, итиччэ киэҥ сирдэринэн сылдьар, Санкт-Петербурга үөрэнэр уол кини диэки көрбөтө чахчы. Маришкатааҕар буолуох кырасаабыссалары кытта билсэ сылдьар ини. Чаҕыл хаһааҥҥыта эрэ кинини киһи баар диэн болҕойон да көрбөтөҕө. Эбэтэр онтон ыла уларыйбыта дуу?

Кыыс эмискэ оронуттан ойон турда. Сыгынньах атаҕынан сүүрэ былаастаан тиийэн, ыйытыытыгар соҕотох эппиэт биэрэр төгүрүк сиэркилэтигэр көрүннэ. Тоҕо кинини кырасыабай дииллэрэ буолла? Былырыын баччаларга бэйэтин соччо-бачча кэрэ кыыс курдук санаммат этэ эбээт. Дэриэбинэтин да уолаттара убайыттан куттанан чугаһаабаттара. Сураҕа, Павлик: «Тэлгэһэ иһинээҕилэр, балтыбар чугаһаамаҥ, киэҥ сиртэн табаарыс уолун бэйэм булуом», — диир үһү. Дьэ, ким билэр, көрүллүө. Оннооҕор бу уопсай дискотекатыгар убайа хайаан да Маришка аттыгар баар буолар. Кыыс убайын санаан мичээрдээн ылла. Ол эрээри ыала Кэтириис эмээхсин биирдэ эппиттээх:

— Наадьа, бу кыыһыҥ улаатан истэҕин аайы Уйбаныаптар курдук буолан иһэр ээ. Туттардыын-хаптардыын. Аны аҕыйах сылынан кырасаабысса буолсу.

— Эс, аньыы даҕаны, миэхэ майгынныыр буолбат дуо? — ийэтэ соһуйбуттуу ыйыппыта.

— Суох, хотуой, чахчы Руслан ийэтигэр үкчү майгынныыр. Туох да диэбит иһин, номоххо киирбит Күөх Кэтириинэ удьуордара буоллахтара.

Бу кэпсэтии кэнниттэн Маришка кыратыгар өлбүт аҕатын дьонун туһунан ыйыталаһан көрбүтэ да, ийэтэ кини билэриттэн ордугу тугу да кэпсээбэтэҕэ. Арай соторутааҕыта учуутала Манчаары Күөх Кэтириинэтин туһунан кэпсээбитин истэн олус соһуйбута. Номоххо киирбит кэрэ дьахтар, кырдьык, кини аймаҕа буоллаҕа дуу? Тугун дьиктитэй? Онтон ийэтэ ол туһунан тоҕо тугу да кэпсээбэтий? Хаттаан ыйыталаһан көрбүтэ да, «билбэппин» диэнтэн атыны ийэтэ тугу да саҥарбатаҕа.

Аҕалара Руслан Маришка биирдээҕэр, Павлик иккилээҕэр өлбүт. Хаартыскаттан көрдөххө, кырдьык, номоҕон дьүһүннээх эдэр киһи курус харахтарынан имэрийэ көрөр. Маришка ийэлээх аҕата холбоһон баран, баара суоҕа биэс эрэ сыл олорбуттар. Аҕата быара ыалдьар буолан, эрдэ суорума суолламмыт. Саатар ыалдьарын сэрэйэр эрээри, балыыһа диэҥҥэ көрдөрүммэтэх. Хаама сылдьан охтубут да, үс эрэ хоноохтообут. Аҕалара өлбүтүгэр Маришка эбэлээх эһэтэ кэлэ сылдьан ийэлэрин дэлби буруйдаан, хомуруйан барбыт сурахтаахтара. Онтон сылтаан аймахтарын кытта билсибэттэр. Ийэлэригэр этэн көрөллөр да: «Бэйэлэрэ тэйиппиттэрэ, онно баран сыҥаланаары гынаҕыт дуо?» — диир. Анарааҥҥы да дьон «сиэннэрбит эһиги бу бааргыт ээ» диэн, биирдэ да билсибэтэхтэрэ, эгэ, кэлэ сылдьыахтара дуо? Онон тыыннаах тулаайаҕа буолан олорон кэлбиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Хата, дэриэбинэлэрин дьоно, ыаллара бэркэ өйөөн, бур-бур буруо таһаарынан бу ыал аатын ылан олордохторо.

Дьиҥэр, Наадьаны бастакы билсиһииттэн, өссө ыал буола иликтэринэ, Уйбаныаптар атарахсыта көрсүбүттэрэ. Кинилэр уоллара, үрдүк үөрэхтээх историк учуутал, ханнык эрэ төрдө-ууһа суох ыанньыксыт кыыһы кэргэн ылбытыттан олус аймаммыттара, бэйэлэрин уолларыгар тэҥнии көрбөтөхтөрө. Кэлэйбиттэрэ бэрдиттэн көрсүһүү, сыбаайба да диэни тэрийбэтэхтэрэ. Наадьа тулаайах буолан улахан аймаҕа, уруута суох этэ. Баай баайга тардыһар дииллэринии, Уйбаныаптар ыччаттара бары кэриэтэ түс-бас дьон оҕолоро. Арай бу баай-талым олохтоох дьоҥҥо, хара тураах буолан, Наадьа барахсан кэлээхтээбитэ. Оҕо дьиэтигэр улааппыт кыыс уурунуу харчыта, баайа диэн хантан кэлээхтиэй? Онуоха эбии уҥуоҕунан кырата, дьүһүнүнэн харата ханан да, айылҕа анаан төрөппүтүн курдук номоҕон, халыҥ аймах Уйбаныаптарга, Күөх Кэтириинэ сыдьааннарыгар, тэҥэ суох курдуга.

Ол эрээри, ыйаастыгас соҕус хараҕынан хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сэмэй, нарын бэйэлээх Наадьаны Руслан маҥнай көрөөт, тута таптаабыта. Кыыс бэйэтин сэнэнэ үөрэммититтэн дуу эбэтэр килбигиттэн эбитэ дуу, аан бастаан уолтан куота-тэйэ сылдьыбыта. Онтон баар баара өттөҕө, икки таптаһар сүрэхтэр тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар сааскы ньургуһуннуу ыраас санаанан, истиҥ иэйиинэн ыал буоларга санаммыттара. Төһө да аймахтара утардаллар, биэс сыл устата олус дьоллоохтук олорбуттара. Руслан бу күн сириттэн эрдэ күрэнэрин билбит курдук, тула өттүттэн көрдөххө, киһи кэрэмэһэ этэ: хаһаайын бэрдэ, майгылаах бастыҥа, аҕа быһыытынан оҕомсоҕо, үлэһит үтүөтэ, өй-мэйии мааныта уонна эбиитин дьүһүнүнэн сырдыга сиртэн-буортан тэйбит орто дойду олоҕор тэҥэ суох аанньал курдуга. Кинини киһи көрөөт, тута убаастыы саныыр, сыаналыыр кистэлэҥ уратылааҕа. Аҕыйах сыл иһигэр дэриэбинэ бастыҥ ыалларын ахсааныгар киирэ охсубуттара. Бастакы улахан дьиэ, матасыыкыл кинилэргэ баар этэ. Кэнники сылга Руслан өссө массыына ылар санаалааҕа. Дьон убаастаан Уйбаанабыс диэн ыҥырара. Өлөр сылыгар оскуола дириэктэринэн анаммыта…

Буолар буолтун кэннэ Наадьа хайаахтыай, өлбүтү кытта өлөн барбыт суох. Оҕолорун туһугар утуйар уутун умнан туран, Наадьа барахсан пиэрмэ хара үлэтигэр умса түспүтэ. Хаста даҕаны бастыҥ ыанньыксыт аатын ылан, хомсомуол бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта, «Үрүҥ илгэ» үс сыллаах куубагын хаһаайката буолан улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлэр чиэскэ тиксибитэ. Онно Наадьа барахсан биир сүөм үрдээн, үлэттэн дьоллонор үөрүү үктэлин билбитэ үчүгэй да этэ.

Ама да ааспытын иһин, чугас киһитэ суох тыйыс кэмнэр этилэрэ. Дьон үтүө сыһыана суох, арааһа, Наадьа бу ыарахаттары барытын тулуйуо суоҕа эбитэ буолуо.

— Оо, ийэм эрэйдээх… — Маришка үөһэ тыынан ылла. — Кини эрэ курдук дьылҕаламматах киһи…

Эмискэ, кини ыраатан эрэр курус санааларын, Аанчык уһуктубут атаах куолаһа үрэйдэ:

— Маришкаа, кофе иһэбиит? Миэхэ, баһаалыста, оҥоруоҥ дуо? Төрөөбүккэр үөрбүтүм даҕаны.

— Һы-һы, албыннаһары сатыыр да кыыскын. Тур, чэ. Чэйбитин өрүнүөххэ, — Маришка чаанньыгын оргутаары остуол диэки хаамта.

— Пахай, олох да чэйгин өрө илик эбиккин дуу? Эмиэ ситэ уһуктубат киһи буоллум. Бүгүн эрдэ туран баран умнубутуҥ олус хомолтолоох.

— Чэ, чэ, онон-манан кииримэ-тахсыма. Дьиҥэр, куруук эрдэ туран, мин чэй оргутар курдукпун ээ.

Маришка дьүөгэтин хомуруйуох буолан эрдэҕинэ, кыыһа быһа түһэн:

— Уой, Маришка, мин наһаа дьикти-дьиибэ түүлү түһээтим. Эн, арааһа, итэҕэйбэтиҥ буолуо.

Маришка аахайбатахтык:

— Түһүүрдээх да кыыскын. Сорох үчүгэй түүлү көрбөтөҕө ыраатта. Чэ, кэпсээ, тугу түһээтиҥ? — дии-дии чаанньыгын сэрэнэн таҕайан көрдө.

Аанчык оронугар олорон эрэ тыыллаҥнаата, онтон эмискэ көнө түһэн олоро оҕуста уонна омуннаах соҕустук хараҕын кэҥэтэ-кэҥэтэ кэпсээн киирэн барда:

— Даа, били 12-с уопсай түннүгэр олорор уолаттары өйдүүгүн?

Маришка муодарҕаабыттыы ыйытта:

— Өйдөөбөтүм, тугу этэҕин? Ээ, били, кырасыабай кыыһы быһаарааччылары дуо? Одоҥ-додоҥ тугу эрэ өйдүүбүн. Чэ, онон-манан эргитимэ, кэпсээн ис.

— Маришка, эн наһаа киһини хабарҕалаама эрэ. Кэпсээммин болҕойон иһит. Арааһа түүлүм иччилээх быһыылаах, һуу! — Аанчык, киһи күлүөх, дьигиһийэн ылла.

— Оо дьэ, бу да кыыһы, бүт эрэ. Удаҕаннаныма.

— Тохтоо… Дьэ сөп, онно били кырасыабайдара… ол эбэтэр саҥарбатах уоллара… эйигин эккирэтэр аҕай. Мин бэйэм эмиэ баарбын, туораттан көрөр үһүс киһибин. Чэ, быһатын эттэххэ, киинэ режиссерун курдукпун. Эһиги иккиэн артыыстаргыт быһыылаах. Уол эйигин эккирэтэр, эн куота сылдьаҕын. Өссө мин эйигин ханнык эрэ биллэр кэрэ куону оонньуур дии саныыбын. Били Туйаарыма Куону дуу, Суоһалдьыйа Толбоннооҕу дуу… Ээ суох, ким этэй били… Манчаары кырасаабыссата… — дии-дии Аанчык түүлүн өйдүү сатаан сүр боччумнаахтык өһүөнү одуулаһар.

Маришка күлэ-күлэ:

— Күөх Кэтириинэ диэ.

Эмискэ Аанчык киэҥ хараҕа өссө кэҥииргэ дылы гынна:

— Оруобуна. Кинини эбит…Эс, эн хантан биллиҥ?

Маришка дьээбэлэнэн:

— Оттон уолум Манчаары Баһылай дуо?

Аанчык омуннурбута сүрдээх, ытыһын оҕотун бобуччу туттан, таһына түстэ:

— Аһа. Хайа, Маришка, эн экстрасенскын да? Мин түүлбүн көрбүт курдуккун дии.

— Экстрасенстаах ээ. Барахсаным сыыһа, ону-маны солуута суоҕу түһүүгүн даҕаны. Хата, суруйааччы буолуох киһи, сордоно олороохтуугун быһыылаах. Дьэ, остуоруйаҥ түмүгэ хайдаҕый?

Дьүөгэтин ити тылларытан Аанчык биллэрдик өһүргэннэ, кыаһаан сирэйэ дьэбин уоһуйда:

— Эйиэхэ түүлгүн кэпсээн абыран. Остуоруйа… Суруйааччы… Киһини аанньа ахтан истибэккин даҕаны. Дьүөгэ ааттааххын уонна наар киһини күлүү гынаҕын. Хата, дьиҥнээх таас дуу, муус дуу сүрэхтээх — эн. Киһи төһө эмэ иччилээх түүл дии турдаҕына. Чэ, чэ, истэн абыраама.

Маришка Аанчык өһүргэммитин өйдөөн, дьүөгэтин оронун кэлин уһугар кэлэн олоро биэрдэ, кыыһын кычыгылата сатаата. Элэктээбит харахтарынан дьүөгэтин диэки көрө-көрө күлбүтэ буолла…

Наталия Рязанская “Уруум таптала»” (“Бичик”, 2019) кинигэтиттэн быһа тардан.

+1
6
+1
0
+1
7
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0