Былыыр-былыргыттан өбүгэлэрбит барахсаттар сэттис-тохсус үйэҕэ диэри хаан уруу төрүттэрин-уустарын уостан уоска түһэрэн, кэнэҕэски ыччаттарыгар билиһиннэрэ сатыыр идэлээхтэрэ. Дьэ, ол хаалыылаах үйэлэргэ, “тугу да гыналлара суох буолан, онон-манан дьарыгырбыта буоланнар” диэн мөҥүттээччилэргэ дьиҥнээх харда “Уруум таптала” диэн үтүөкэн кинигэ буолар.
edersaas.ru
Наталия Рязанская ааҕааччыга биллэр, ыраахтан аата иһиллэр ааптар. Кини иэйэ-куойа суруйуута билиҥҥи кэмҥэ олус оруннаах. Тоҕо? Бары барыта көҥүл үйэтигэр үктэммиппитин, дьэ, билэн эрдэхпит. Саха да аймахха маныаха маарынныыр түгэннэр сылтан сыл элбээн иһэр. Ити буойуулаах-хаайыылаах сэбиэскэй үйэттэн мүччү туттарбыттар, 80-с сыллартан саҕалаан, 90-с сылларга күүскэ үлүһүйэн “уҥа-хаҥас тугу гынарбытын ыйалларын абааһы көрөр” кэммитигэр, бэркэ туттуммахтаан, көҥүл дьаарбайталаабыппыт уонна “дьылҕабытын” бэйэбит эрэ оҥостубут түмүкпүтүгэр таҕыста диирим, бука диэн, омнуо буолбатын.
“Уруум таптала” оруобуна оннук. Кистэлэҥинэн, билэ-билэ билбэтэх буолбут түмүгэр, ким да туоһута суох төрөөбүт оҕолор, хойуккутун, уруу хаана тардыһыытын таптал имэҥигэр балыйан холбоспуттара, булса түспүттэрэ, ама, буруйдара буолуо үһүө?! Дьиҥнээх киһи отуорун тоһутуох, сүрэҕин курдары ытыах уустук түгэни хайдах төбөҕө батарыахха сөбүй? Ылыныахха дуу, ылынымыахха дуу?! Саарбахтааһын ыарыыта, кэмиринии-кэмсинии мучумаана, ааһа түһэн аан дойдуга абаккарыы тымныы тыына тыйыс санааны эрэ иитиэхтээбэтэр дуу…
Ааҕааччы, ити ыйытыктарга хардараргар эн олоххо тус сыһыаныҥ, иитиллииҥ, аттыгар-чугаскар арааһы билбитиҥ-көрбүтүҥ эрэ көмө буолуохтара ини. Арай эн тускар, эн ыччаккар оннук ыарыылаах быһыы-майгы тирээтин, хайыаҥ буолуой? Ылбычча хардарарга уустук. Итинник толкуй бу кинигэни аахтаххына искэр-быаргар булгуччу үөскүүр, ыгыта туппахтыыр… Киһи оҕотун туһугар олоҕун олорор. Оттон төрөппүт ыччатыҥ көмүскэллээх буоларын туһугар ийэ-аҕа кыһамньыта, мындыр сүбэтэ уонна аһаҕас сүрэҕэ булгуччулаах эбээт. Анаарыаҕыҥ, ааҕыаҕыҥ уонна ырытыаҕыҥ. “Уруум тапталын” “Айар” хампаанньа бары маҕаһыыннарыгар атыылас, сиэпкэр укта сылдьан астына аах диэн сүбэлиибин.
«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Анисия НЕУСТРОЕВА