Уус Маайаҕа биир киһи массыынатын арыгы иһэн баран ыытыыга хаттаан түбэһэн, көҥүлэ быһылынна. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суут быһаарбытынан, бу киһи ити иннинэ эмиэ уруулга итирик олорон, сууттана сылдьыбыт. Ол эрээри, онто кэһэлтэ буолбатах, сууттаммытын долоҕойугар тиэрдибэтэх — бу сыл муус устар ыйыгар эмиэ түбэспит.
Ону ааһан, уорууга түбэһэн, сууттана сылдьыбыт, онтуката сотулла илик («непогашенная судимость») эбит.
Суут кинини РФ Холуобунай кодексатын 264.1-с ыст. 1 чааһынан буруйдааҕынан билинэн, 1 сыл 2 ыйга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурда. Итиэннэ 3 сыл устатыгар массыына ыытар быраабын быста.
Санатар буоллахха, уруулга арыгы иһэн баран олорбут суоппардар 2015 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри административнай эрэ эппиэккэ тардыллар этилэр. Онтон ити күнтэн саҕалаан, РФ Холуобунай кодексатыгар 264.1-с ыстатыйа эбиллибитэ. Бу ыстатыйаҕа олоҕуран, урукку өттүгэр уруулга итирик олорон административнай эпиэккэ тардылла сылдьыбыт киһи хаттаан оннук туруктаах түбэстэҕинэ, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар.
Холуобунай кодекс 264.1-с ыстатыйатын накаастабыл миэрэлэрэ:
200 тыһ. солк. — 300 тыһ. солк. диэри суумалаах ыстараап, 480 чааска диэри булгуччулаах босхо үлэлээһин, 2 сылга диэри көҥүлү быһыы. Итини таһынан, эбиитин 3 сылга диэри болдьоххо массыына ыытар бырааба быһыллар.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.